Салгыы
Номнуо 5 тыһыынчаттан тахса буруйу оҥоруу тахсыбыт

Номнуо 5 тыһыынчаттан тахса буруйу оҥоруу тахсыбыт

20.06.2023, 13:31
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр быйыл тохсунньуттан бэс ыйыгар диэри 5196 буруйу оҥоруу тахсыбыт. Хас төрдүс буруйу оҥоруу арыгыны иһэн баран оҥоһуллар диэн борокуратуура иһитиннэрэр.

Ол курдук, 1247 буруйу оҥоруу арыгыны иһэн баран оҥоһуллубут, ол иһигэр 30 өлөрүү, 75 киһини улаханнык эчэтии, 279 уоруу, 128 суолга куттала суох буолуу бэрээдэгин кэһии, 104 халымырдык эчэтии, 44 халааһын буолбут.

2497 буруйу оҥоруу Дьокуускайга буолбута бэлиэтэнэр. Манна ыарахан буруйу оҥоруу эбиллибит – 172-тэн 198-ка диэри.

Саха сиригэр барыта 31 соруйан өлөрүү тахсыбыт, 25 киһи ыараханнык эчэтии түмүгэр, өлбүт.

Буруйу оҥоруу 46,6%-на баайга-дуолга ымсыырыы түмүгэр оҥоһуллар: 1092 уоруу, 995 түөкүннээһин, 11 ороспуойдааһын, 63 халааһын, 65 тырааныспары күрэтии, 16 харчыны күһэйэн ылыы, 75 киһи үлэтигэр харчыны иҥэриммит. Ону тэҥэ, 376 экэнэмиичэскэй буруйу оҥоруу, 180 хоруупсуйаҕа буруйдааһын тахсыбыт диэн СИА суруйар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
10 ноября
  • -13°C
  • Ощущается: -13°Влажность: 85% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: