Бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Петр Петрович Пестряков төрөөбүтэ 80 сыла буолла.
Петр Пестряков сулустаах чааһа
1977 сыл. Олунньу. Москва куорат. Эстрада тыйаатыра. Аҕыйах күн иһигэр дойду бүттүүнүн үрдүнэн аатыра-сураҕыра охсубут эстрада артыыстарын VI Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурустарын лауреаттарын кэнсиэрэ саҕаланан эрэр…
edersaas.ru архыыбыттан.
Ол түгэн туһунан өрөспүүбүлүкэ ыччатын “Эдэр коммунист” хаһыатыгар Москва куоракка олорор уопсастыбаннай кэрэспэдьиэммит Василий Семенов маннык суруйбут: “… Быыс аһыллар. Виталий Андросов мелодиятыгар, Валерий Ноев толоруутугар “Туундара” сахалыы ырыа дьиэрэйэр. Сыанаҕа, сыарҕатыгар ыт саҥыйаҕы кэппит уолу олордубутунан, таба ойон киирэр уонна төгүрүйэ холоруктуу сүүрдэн элээрдэр.
Уол сыарҕатыттан ойон түһээт, саҥыйаҕын уста охсор уонна микрофон диэки дьулуруйар… Чабырҕахтаан чаҕылытар.., туойан дьириһитэр. “Большое спасибо, дорогие друзья, за то, что вы так прекрасно понимаете якутский язык!”, — саалаҕа уол оонньуутун-күлүүтүн, юморын өйдөөннөр, күлсэн тоҕо бараллар. Салгыы артыыс тапталлаах Сахатын сирин хорсун-хоодуот үлэһит, талааннаах дьонун туһунан кэпсээн-ипсээн сэгэлдьитэр. Бу – конферанс жаанырыгар бастакы бириэмийэни ылбыт Петр Пестряков лауреаттар кэнсиэрдэрин аһа турар…”
Сахалартан бастакынан эстрада артыыстарын Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурустарыгар кыайбыт Петр Пестряков (1974 с. бу куонкурус дипломана) сулустаах чааһа — сулустаах үйэтэ ити курдук саҕаламмыта. Оччолорго модун Сэбиэскэй Сойуус тэбэр сүрэҕэр Москва куоракка Судаарыстыбаннай эстрада уонна циркэ тыйаатырыгар киэҥ-нэлэмэн Арассыыйа Эбэ хотун эстрадатын бастыҥ артыыстара мустан, хас эмэ күн түһүмэхтэринэн күөн күрэстэспиттэрэ. Биэс уонтан тахса чилиэннээх дьоһуннаах дьүүллүүр сүбэни ССРС норуодунай артыыһа Иоахим Шароев (Большой тыйаатырга дириэктэрдээбитэ) салайбыт. Бэйэҕит да санаан көрүҥ: бастакы миэстэни, дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрин сүүс бырыһыан бары биир санаанан быһаарыыларынан, биһиги биир дойдулаахпыт Петр Пестряков ылбыт. Оттон иккис миэстэ кимиэхэ да бэриллибэтэх (!). Үһүс миэстэҕэ Елена Ятор (Архангельскай), Григорий Баскин (Ленинград) тиксибиттэр. Дьэ, саха уолугар сүҥкэн ситиһии буолбаат?
Бу туһунан оччотооҕу аатырбыт “Советская культура” хаһыат 1977 сыл олунньу 11 күнүнээҕи нүөмэригэр эмиэ суруйбут.
Ол кэмнэргэ этэ дии — Петр Пестрякову Улуу Аркадий Райкиҥҥа тэҥнээбиттэрэ! Ол аата кинилэр иккиэн саамай уустук жаанырга — интеллектуальнай сатираҕа үлэлииллэрэ.
Саха АССР үтүөлээх артыыһын Петр Пестрякову чахчы дэгиттэр талааннаах киһи этэ диэн үөлээннээхтэрэ бары бигэргэтэллэр. Кини айар куттааҕа. Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах эппиэтинэстээх дьаһалларга режиссер быһыытынан эмиэ үлэлиирэ. Холобур, 1985 сыллаахха бэс ыйыгар “Спартак” стадиоҥҥа буолбут ССРС көҥүл тустууга чөмпүйэнээтин үөрүүлээх аһыллыытын уонна сабыллыытын кини режиссердаан туруорбута.
Кини икки тылынан тэҥинэн ыпсаран кэпсиирин-ипсиирин таһынан, бэртээхэй суруксут этэ. Ол курдук, 1989 сыллаахха “Ээ, этимэ даҕаны” диэн кинигэтэ 15.000 ахсаанынан бэчээккэ тахсыбытын дьон хамаҕатык атыыласпыта. Билигин бу кинигэ атыыга ханна даҕаны суох.
Петр Петрович 90-с сылларга биир кэмҥэ биһиги “Саха сирэ” хаһыаппытыгар, эрэдээктэрбит Василий Кириллин этии киллэрэн, үлэлэспитэ, ааҕааччыларбытыныын көрсүһүүлэргэ үгүс улууска сылдьыспыта. Ыстатыйаларын Бэриэт Бэргэн диэн илии баттыыра. “Бэстэрикиэп бэтиэхэлэрин” уонна Таптал Платоновна кэпсээннэрин, ама, ким умнуой?!
Сис туттан баран бу Бэчээт дьиэтин иккис этээһигэр биһиги көрүдүөрбүт устун төттөрү-таары хаамыталыы сылдьарын көрбүккүт эбитэ буоллар! Бэстэрикиэп онно сахалыы тигии хомуһуоллааҕа (оччолорго билиҥҥи курдук маассабайдык сахалыы таҥныбат этибит), үрүҥ көмүс киэргэллээх куругар кыыннаах саха быһаҕын иилинэ сылдьара… Киһи эрэ барыта, чахчыта да, хайа саха кулубатын дуу, кинээһин дуу удьуора буоллаҕай, дии саныах курдуга. Оннук ураты, бэлиэ, сэдэх киһи этэ Бүөтүр Бэстэрикиэп.
Күөх Көппөнү оонньоон күллэртиирэ
Петр Пестряковы бары Уус Алданынан билэбит. Оттон кини, биографиятын аахтахха, 1944 сыллаахха ахсынньы 23 күнүгэр Кэбээйи бөһүөлэгэр учуутал дьиэ кэргэнигэр бастакы оҕонон күн сирин көрбүт эбит.
Ийэтэ Мария Петровна Өлүөхүмэ Абаҕатыттан, аҕата Петр Петрович Чурапчы Бахсытыттан төрүттээхтэрэ. 1945 сыл күһүнүгэр Пестряковтар, биирин туола илик уолларын көтөхпүтүнэн, Уус Алдан улууһун Орто Эбэ бөһүөлэгэр көһөн кэлбиттэр уонна дьонун-сэргэтин, айылҕатын сөбүлээн, олохсуйбуттар. Атын оҕолоро бары бу дойдуга төрөөбүттэр. Ыал улахан оҕотун быһыытынан Петя уол, тугу да көрөн турбат, дьиэ ис-тас үлэтин барытын сатыыр, бүгүрү үлэһит буола улааппыт. Атын буолуох туһа суох. Кини кэнниттэн бүтүн 9 киһи кэллэҕэ!
Бэстэрикиэптэр уопсайа 7 уол, 3 кыыс оҕоломмуттара. Оттон саха ыалын суруллубатах сокуона – ыал улахан оҕото кыраларга үтүө эрэ холобуру көрдөрүөхтээх! Онон, үөрэҕэр үчүгэй, кыһамньылаах, ордук тылга дьоҕурдаах эбит. Кинигэни ааҕарын сөбүлүүрэ. Сытыы, түргэн-тарҕан эбит. Кини айар дьоҕурдааҕа оҕо эрдэҕиттэн биллибит. Ол курдук, Орто Эбэҕэ үөрэнэ сылдьан, оскуола кыракый сыанатыгар Суорун Омоллоон Күөх Көппөтүн оонньоон, дьону-сэргэни дэлби күллэрэрэ-үөрдэрэ үһү. Ол туһунан Петр Петрович бииргэ төрөөбүт быраата, бэчээт эйгэтигэр өр үлэлээн кэлбит салайааччы, биир идэлээхпит Филипп Петрович Пестряков кэпсээниттэн билэбит.
Аны кытыгырас, сүүрүк эбит. Хайыһарга, сүүрүүгэ оройуоҥҥа ситиһиилэнэрэ эбитэ үһү. Дэлэҕэ да физкультура учуутала буолар баҕа санаатын иитиэхтээн илдьэ сылдьан, бастаан Дьокуускайдааҕы педагогическай училище физкультураҕа салаатыгар үөрэнэ киириэ дуо? Ол эрээри, артыыс буолар анала таайдаҕа дуу – бу үөрэҕиттэн уурайан, дойдутугар төннөн кэлбит. Ол кэннэ, аармыйаҕа сулууспалаан, дойдутугар ытык иэһин төлөөн баран, Петр Пестряков Улан Удэ куоракка Илин Сибиирдээҕи култуура институтугар киирэн, ситиһиилээхтик үөрэнэн, 1972 сыллаахха бүтэрбитэ.
1967 сыллаахха аналын көрсүбүтэ — Саха госуниверситетын математикаҕа салаатын бүтэрбит Агафья Павловна Готовцевалыын тапталларын, олохторун холбоон, ыал буолбуттара. Орто Эбэҕэ буолбут элбиих-элбэх киһилээх киэҥ урууну өйдүүр дьон үгүстэр. Онон, аҕалара институту бүтэрэригэр, эдэр Пестряковтар хайыы үйэ икки бастакы оҕолоро төрөөбүт.
Бастакылартан бастакы!
Анал үөрэхтээх эдэр исписэлиис үлэтин, Саха сиригэр бастакынан тэриллибит, 70-с сыллардааҕы ыччат киэн туттуута — “Чороон” вокальнай-инструментальнай ансаамбыл салайааччытынан саҕалаабыта. “Чороон” бастакы дириэктэрэ – кини. Ол быыһыгар, билиитин-көрүүтүн хаҥатынаары, 1974 сыллаахха Москваҕа А.В. Луначарскай аатынан ГИТИС Үрдүкү режиссерскай куурустарын туйгуннук бүтэрбитэ, эбии режиссер идэлэммитэ.
Саха судаарыстыбаннай филармониятын төрүттэспитэ, бастакы дириэктэр кини! Судаарыстыбаннай Үҥкүү ансаамбылын тэрийсибит, бастакы дириэктэр эмиэ кини. Аны туран, Москваҕа Эстрада уонна цииркэ судаарыстыбаннай училищетыгар саха ыччаттарыттан аан бастакы сүүмэрдэммит устуудьуйаны астарбыт эмиэ Петр Пестряков. Оҥорбута манан эрэ бүппэт. Кэлин Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра буолбут “Наара суохтар” эстраднай миниатюралар Национальнай тыйаатырдарын тэрийсибит, уус-уран салайааччыта эмиэ Петр Пестряков!
Онон, саха эстрадатын чаҕылхай артыыстара, култуура, искусство диэйэтэллэрэ Юрий Платонов, Алексей Павлов, Марфа, Сергей Расторгуевтар, Валентина Чиркова, Мария Данилова, Елена Слепцова-Куорсуннаах, Анастасия Кардашевская, Афанасий Афанасьев, уо.д.а. мэлдьитин да киниэхэ махтаналлара, махтаналлар, махтаныахтара да турдаҕа.
Хайдах биир киһи маны барытын ситиһэн, саҕалаан, үлэлэтэн, атаҕар туруоран барбытын сөҕө эрэ саныыгын…
Быраата УЛАХАН убайын туһунан
Филипп ПЕСТРЯКОВ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Амма, Уус Алдан улуустарын Бочуоттаах олохтооҕо:
— “Бэйэ оҕото саары чаккылаах,” дииллэрэ өбүгэлэрбит. Олох чугас киһиҥ туһунан сыанабылыҥ бэйэ диэки хабааттыылаах-таттарыылаах буолуон сөп. Ол да курдук, бииргэ төрөөбүт таптыыр убайым Бүөтүр Бэстэрикиэп туһунан санааларым-өйдөбүллэрим олох иһирэхтэр, сырдыктар уонна сылаастар.
Билигин санаатахха, Бүөккэ талааннааҕа, тыыппалааҕа, айар дьоҕурдааҕа оҕо эрдэҕиттэн биллэр эбит. Алтыс-сэттис кылаастарга үөрэнэ сылдьан Күөх Көппөнү оонньоон дьону-сэргэни күллэрэрин-сэргэхситэрин бу баардыы өйдүүбүн.
Убайбыт бэйэтин сүрдээҕин кыанара. Тэтиэнэх, кытыгырас этэ. Ахсынньы-тохсунньу томороон тымныытыгар таһырдьа хаарынан суунара, төбөтүгэр тымныы уу куттара. Оҕолорго оройуон күрэхтэһиилэригэр хайыһарга уонна сүүрүүгэ ситиһиилээхтик кыттара. Физкультура учуутала буолар баҕалааҕа.
Сэттис кылаас кэнниттэн Дьокуускайдааҕы педучилище физкультураҕа салаатыгар үөрэнэ киирбитэ. Убайбыт барахсан кэлин норуокка биһирэнэр улахан артыыс буолар дьылҕата таайдаҕа, ситэ үөрэммэккэ, дойдутугар төннөн тахсыбыта.
1964 сыллаахха аармыйаҕа сулууспалыы барыан иннинэ сүүрүктэринэн, быһыйдарынан аатырбыт Уус Алдан хамаандатыгар ылыллан, Тулагыга сүүмэрдиир эрчиллиилэргэ сылдьан, атаҕын тааска үктээн, эчэтэн, өрөспүүбүлүкэ күрэхтэһиитигэр кыттыбакка хаалбыта. Убайбыт Бүөккэ эт-хаан өттүнэн сайдыылааҕын уола уонна сиэнэ утумнаабыттара. Уола Федик пединститут физкультураҕа салаатын бүтэрбитэ. Бэйэтин кэмигэр волейболга Саха сирин биир бастыҥ оонньооччута этэ. Сиэнэ Павлик (Федик уола) эмиэ үрдүк физкультурнай үөрэхтээх. Росгвардия үлэһитэ. Орто уонна уһун дистанцияларга сүүрүүгэ Саха сиригэр биллэр сүүрүк. Убайым кыра уола Петр Петрович Пестряков, кыыһа Мария Петровна ыаллар, оҕолордоохтор, үлэ-хамнас үөһүгэр сылдьаллар.
Биһиги таптыыр убайбыт Петр Петрович Пестряков — саха эстрадатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ. Саха судаарыстыбаннай филармониятын бастакы дириэктэрэ. Билигин култуура туспа тэрилтэлэрэ буолан аатыран үлэлии олорор Судаарыстыбаннай цииркэ, Үҥкүү национальнай, Эстрада судаарыстыбаннай, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырдара тэриллиилэригэр, атахха турууларыгар, идэтийбит эстрада артыыстарын үөрэтэргэ, бэлэмнииргэ үгүһү оҥорбут үтүөлээх.
Саха араадьыйатын литератураҕа эрэдээксийэтигэр уһуннук үлэлээбит биллиилээх суруналыыс Николай Максимов убайбыт туһунан маннык ахтар:
“…Бүөтүрү, аҥаардас артыыс да быһыытынан үтүөтүн-өҥөтүн ааҕар буоллар, биир киһи кыайан сүкпэт сүгэһэрэ буолуоҕа. Онтон ойо тутан дьоһун ситиһиилэрин эрэ санатыым: 1974 сыл — Бүтүн Сойуустааҕы эстрада артыыстарын куонкуруһун дипломана. Бүтүн Сойуус! Буолаары буолан, олус уустук дэнэр кэпсэтии жаанырыгар. Сойуус былаһыттан саҥарбыт-иҥэрбит, чулууттан чулуулар талыллан кэлэн күөн көрсүбүт, күрэс былдьаспыт буолуохтаахтар. Кинилэр ортолоруттан уһулу ойон тахсан, саха артыыһа куонкурус дипломана буолуута — сүҥкэн ситиһии! Аны онон дуоһуйбакка, Петр Пестряков 1977 сыллаахха Бүтүн Арассыыйатааҕы эстрада артыыстарын куонкуруһун бастакы бириэмийэлээх лауреата буолар. Ол биһигини соһутар да, үөрдэр да ситиһии этэ. Ити курдук, кыра киһи мэйиитэ эргийиэх үрдүк чыпчаалын дабайбыт киһи кини — Петр Пестряков! Саха искусствотын биир чаҕылхай сулуһа буолан, Сойууһу, атын да улуу дойдулары уһаты-туора сыыйбыт, эппит-тыыммыт, саҥарбыт- иҥэрбит, сахалыы саҥаны иһитиннэрбит эмиэ кини — Саха АССР үтүөлээх артыыһа Петр Петрович Пестряков!” Ити олус үрдүк сыанабылга тугу эмэ эбэн этэр уустук…
Убайбыт Петр Пестряков сирдээҕи олоҕор талан ылбыт идэтин толору баһылаабыт анал үөрэхтээх култуура эйгэтин үлэһитэ диэн этиэхпин сөп. Аны суруксута! “Барда”, “кэллэ” диэн суруйбат буолара. Кини суруйбутун-бичийбитин киһи тартаран ааҕара. Дьаныһан дьарыктаммыта, санаатын уурбута буоллар, ааҕыллымтыа айымньылардаах суруйааччы буолар да кыахтааҕа. Убайбыт Саха суруйааччыларын ассоциациятын чилиэнэ этэ.
Петр Пестряков бырааттара-балыстара, аймахтара убайдаах саҥаспытыгар Агафья Павловнаҕа махталбыт муҥура суох. Киин куоракка биһигиттэн бастакынан кинилэр олохсуйбуттара.Таас дьиэҕэ кыбартыыраламмыттара, сайылык туттубуттара. Бу кэлин эрэ тыаттан киирбит сахалар дьиэлэннилэр-уоттаннылар. Ааспыт үйэ 70-90-с сылларыгар балаһыанньа арыый атын этэ. Ас-таҥас, мал-сал наһаа дэлэйэ суоҕа. Биһиги, биһиги оҕолорбут бары кэриэтэ кинилэргэ сылдьарбыт-хонорбут. Ол эрэ буолуо дуо, оҕо үөрэххэ туттарсыыта, кинилэри уопсайга олохтооһун, айан-суол, кэлии-барыы, араас күндү малы-салы, кэмчи аһы-үөлү булуу-талыы, атыылаһыы кыһалҕалара, онто да атын иирбэ-таарба боппуруостар барылара кинилэр нөҥүө быһаарыллаллара. Убайбыт барахсан күннээҕи олоҕор-дьаһаҕар олус боростуойа, сүрдээх судургу майгылааҕа. Сааһа аҕатынан, дьон-сэргэ биһирэбилин ылбыт биллиилээх артыыс буоларынан хаһан да өттөйбөт, улаатымсыйбат, мөҥө-үөрэтэ сылдьыбат этэ. Мэлдьи ис киирбэхтик таҥнара, сэргэхтик тутта-хапта сылдьара, ис-иһиттэн ырааһа-чэбэрэ. Дьиэтигэр, сайылыгар куруутун сууйа-сото, хомуйа-дьимийэ сылдьар буолара.
Убайбыт бу орто дойдуга олоҕо барыта үүт тураан буолбатаҕа. Араас баара: өрөгөй, албан аат, көрөөччү биһирэбилэ, таптала, түһүү-тахсыы да кэмнэрэ. Саамай ыарахан тургутуу — төрөппүт оҕону сүтэрии. 1994 сыллаахха ыам ыйыгар баара-суоҕа 26 сааһыгар оһолго түбэһэн олус хомолтолоохтук олохтон туораабыт Федик барахсантан биһиги аймах элбэҕи эрэнэ кэтэһэрбит. Ама да ааспытын иһин, ыарахан, кутурҕаннаах күннэр этилэр. Бары да улаханнык аймаммыппыт. Айар куттаах, уйан дууһалаах, уйаҕас дууһалаах убайбыт ордук улаханнык оҕустарбыта. Убайбытын кытта бииргэ үлэлээбит Анастасия Кардашевская, Бүөтүр арыый эрдэ таптыыр дьарыгыттан, уопсастыбаннай үлэттэн-хамнастан тэйбитин, эрдэ олохтон барбытын маннык быһаарар:
“Учууталым салайааччы сыралаах, тус бэйэтэ айар үлэтин кыайа-хото тутара. Кини сатира артыыһын быһыытынан таһыччы үрдүк таһымнааҕа. Хас биирдии оруолун ис-иһиттэн ылынара, кутун-сүрүн туттаран оонньуура. Дьон мөлтөх, куһаҕан өрүтүн бэйэтин харыстаммакка, киһи уйулҕата хамсыар диэри үүт-үкчү көрдөрөрө. Ону сэттээх-сэмэлээх дииллэрин оччоттон истэрим. Талан ылбыт идэтигэр бүүс-бүтүннүү бэринэн, дириҥ хорутуулаахтык харса суох үлэлээбитэ-айбыта кини курдук уйан дууһалаах киһини эрдэ сиэтэҕэ, уматтаҕа… ”
* * *
“Большое видится на расстоянии,” диэн улуу нуучча норуотугар дириҥ ис хоһоонноох бэргэн этии баар. Күн-дьыл, сыл-хонук ааһан истэҕин аайы, киэҥ сирдэринэн саханы ааттаппыт чаҕылхай талааннаах артыыспыт Петр Пестряков Саха эстрадатын сайыннарыыга Киллэрбит сүҥкэн кылаатын суолтата өссө күүһүрэн иһиэ.
Уһуйуллааччылара, үөрэнээччилэрэ ахталлар
Владимир ТАТАРИНОВ, саха норуодунай артыыһа:
— Биһиги Бүөтүрдүүн 1972 сыллаахха билсиспиппит уонна доҕордоспуппут. Кини миигиттэн биир ый аҕа, онон убайым диэн ааттыырым. Оччолорго биһигини, “Чороон” бөлөххө талыллыбыт оҕолору Москваҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы эстрада артыыстарын бэлэмниир мастарыскыайга үөрэххэ ыыппыттара. Онно салайааччынан Петр Пестрякову анаабыттара. Үөрэхпитин 1974 сыллаахха бүтэрэн, эстрада артыыстара буолан, бары дойдубутугар эргиллэн кэлэн, үлэ бөҕөтө, гостуруол бөҕөтө саҕаламмыта. Петр Петрович талаана күүскэ арыллан барбыта. Кэнсиэрдэри конферансье быһыытынан икки тылынан эҥкилэ суох ыытара. Аны көрдөөх нүөмэрдэрин киһи эрэ барыта астынара. Билигин санаатахха, кини айбыт нүөмэрдэрэ дьиҥнээх шедеврдэр эбит!
Владимир ЗАБОЛОЦКАЙ, саха норуодунай артыыһа:
— Петр Петрович—мин биир дойдулааҕым. Бастаан 1973 сыллаахха билсибиппит. Онтон кэлин бииргэ үлэлээн, араас айаҥҥа-сырыыга сылдьан, быһылааннарга да түбэһэн ылаттыырбыт. Холобур, оҕуһунан айаннаабыппытын умнубаппын. Биирдэ массыынаҕа эргийбиппит.., сөмөлүөккэ умайа сыспыппыт… Эбиитин, массыынабыт алдьанан, хотоҥҥо хонон турардаахпыт. Араас буолбута.
Петр Пестряков тэрийээччи быһыытынан култуураҕа улахан өҥөлөөх киһи. Кинини дьон-сэргэ суруйааччы быһыытынан эмиэ билэр, өйдүүр. Сахаҕа биир биллэр чаҕылхай киһибит. Мин кинилиин бииргэ үлэлээбит кэмнэрбин олус истиҥник, күндүтүк саныыбын.
Александр БУРНАШОВ, СӨ үтүөлээх артыыһа, пародист, “Көмүс ааттар” Эстрада тыйаатырын бырайыагар Петр Пестряков туһунан:
— Дьиктитэ баар, 1972 сыллаахха Улан-Удэҕэ үөрэҕин бүтэрэн кэлээт, Култуура министиэристибэтигэр ыстаарсай иниспиэктэринэн үлэлии олордоҕуна, Юрий Платонов: “Эн миэстэҥ эстрадаҕа”, — диэн этэн кэбиспититтэн ыла, Саха эстрадата Петр Пестряков диэн артыыстанан хаалбыт!
Пародияны Саха эстрадатыгар кини аан бастаан киллэрбитэ. Ону утумнаан, пародия жаанырын сайыннаран иһэрбэр мин, убайым курдук саныыр киһибэр Петр Петровичка махталым муҥура суох!
Бэстэрикиэп бэтиэхэлэриттэн
— Мааппа, ынаҕыҥ хас киилэ үүтү биэрэр? — ыйытар дьүөгэтэ.
— Сэттэни, — диир Мааппа.
— Онтон төһөтүн атыылыыгын?
— Уонун!
— Доҕоор, дьэ байыы бөҕөтүн байбыт үһүгүн дуу? Тугу гынан ол үлүгэр байдыҥ?
— Ээ, мин күүлэй дьонун оол арыыга биирдии мөһөөккө таһаарар этим. Икки-үс хоннорон баран, иккилии мөһөөккө төттөрү аҕалар этим…
Биир киһиттэн ыйыталлар:
— Эн ситиһииҥ төрдө туохханый?
— Дьэ, доҕор, кылаабынайа тулуурдаах буолуохха наада.
— Ээ, тохтоо, доҕор, ханнык да тулуур тулуйбат сүүһүнэн (тыһыынчанан) холобурун аҕалыахха сөп.
— Чэ, холобурун тугуй?
— Сиидэнэн ууну таһыы.
— Һэ, эттэххин, сиидэҕин ылан баран кыһын кэлэрин күүт ээ…
Киэһэ тиһэх оптуобуһунан икки киһи айаннаан иһэллэр. Биирдэрэ үөрэ-көтө кэпсиир:
— Бүгүн миэхэ олус үөрүүлээх күн. Көр эрэ, бүгүн миигин, оонньообутум кэнниттэн, уончата сыанаҕа ыҥырдылар ээ!
Иккиһэ хардарар:
— Улахан эбит! Миигин киэһэ аайы сүүсчэкэлиитэ ыҥыраллар да, хата, кыһаныа суохпун….
— Оо, эн эмиэ артыыскын дуо?
— Суох, мин официаммын!
Татьяна МАРКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскалар Бэстэрикиэптэр дьиэ кэргэн архыыптарыттан туһанылыннылар
Дмитрий Юрьевич Петров «Магия слов» кинигэ уонна омук тылын түргэнник үөрэтэр учебник ааптара, үөрэх уонна…
Мукучу нэһилиэгэр ахсынньы 20 күнүгэр литература бары көрүҥэр таһаарыылаахтык үлэлээбит суруйааччы, суруналыыс, биир дойдулаахпыт Иван…
Сарсын, ахсынньы 24 күнүгэр, Дьокуускайга "Өрөгөй" успуорт комплексыгар эһиилги "Дыгын оонньууларыгар" сүүмэрдиир бастакы түһүмэх ыытыллыаҕа…
Ааһан эрэр ахсынньы ый тымныйан иһэн, эмиэ сылыйан барда. Онон бу нэдиэлэнэн ыйбытын түмүктээн, кэлэр…
“Төбөкүй”, “чөмчөкө”, “мэйии тас сарыыта”, “тымырдаах хааҕы”... Хас биирдии киһи уорганын сахалыы өйдөбүллэрэ маннык хабааннаах…
“Амма Кэскилэ” улуустааҕы оҕо холбоһугун тэрилтэтин нөҥүө О.П.Иванова-Сидоркевич аатынан Амматааҕы айар сайдыы киин педагогтара 2024…