“Ноо!” дии кэлэргитин күүтэллэр
ХIХ-ХХ үйэлэр кирбиилэригэр кыахтаах ыаллар уһулуччу баай, уус-уран тыллаах аатырар олоҥхоһуттары ыҥыртаан ыллатар үтүө үгэстэрэ баара.
Олоҥхоһуттар да бэйэ-бэйэлэрин истиһэр, аныгылыынан эттэххэ уопут атастаһар бэртээхэй түһүлгэлэрэ буолуохтаах. Ырыа-тойук, олоҥхо үтүө үгэстэригэр бигэнэн улааппыт Былатыан Ойуунускай эмиэ итинник олоҥхо киэһэлэрин тэрийэрин устуоруйа чахчылара кэрэһилииллэр.
“СӨ Олоҥхо ассоциацията, Таатта улууһун норуот айымньытын дьиэтэ, Тааттатааҕы олоҥхо филиала, Л.Н.Турнин аатынан Тыараһатааҕы норуот айымньытын дьиэтэ, П.А. Ойуунускай аатынан литературнай түмэл Сардаана Ойунская төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах “Хомуур олоҥхо” түһүлгэтин тэрийээри сылдьабыт, — диэн кэпсиир литература түмэлин үлэһитэ Ньургуйаана Халгаева. – Ахсынньы 13 күнүгэр сарсыарда 10.30 чаастан Былатыан Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» сүдү айымньытын 9 ырыатын ааттаах-суоллаах олоҥхону толорооччулар толоруохтара: I ырыатын Петр Тихонов (Мэҥэ Хаҥалас улууһа), II ырыатын Александр Багардынов (Таатта улууһа), III ырыатын Петр Тихонов, IV ырыатын Афанасий Попов (Таатта улууһа), V ырыатын Анатолий Христофоров (Чурапчы улууһа), VI ырыатын Яна Ньургусова (Нам улууһа), VII-VIII-IХ ырыалары Алексей Николаев (Таатта улууһа)”.
Дьокуускай куорат олоҥхону таптыыр олохтоохторун литература түмэлигэр “Ноо” диэн сэҥээрэ кэлэргитин күүтэллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: