“Ноо!” дии кэлэргитин күүтэллэр

Share

ХIХ-ХХ үйэлэр кирбиилэригэр кыахтаах ыаллар уһулуччу  баай, уус-уран тыллаах аатырар олоҥхоһуттары ыҥыртаан ыллатар үтүө үгэстэрэ баара.

Олоҥхоһуттар да бэйэ-бэйэлэрин истиһэр, аныгылыынан эттэххэ уопут атастаһар бэртээхэй түһүлгэлэрэ буолуохтаах. Ырыа-тойук, олоҥхо үтүө үгэстэригэр бигэнэн улааппыт Былатыан Ойуунускай эмиэ итинник олоҥхо киэһэлэрин тэрийэрин устуоруйа чахчылара кэрэһилииллэр.

“СӨ  Олоҥхо ассоциацията, Таатта улууһун норуот айымньытын дьиэтэ, Тааттатааҕы олоҥхо филиала, Л.Н.Турнин аатынан Тыараһатааҕы норуот айымньытын дьиэтэ, П.А. Ойуунускай аатынан литературнай түмэл Сардаана Ойунская төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах “Хомуур олоҥхо” түһүлгэтин тэрийээри сылдьабыт, — диэн кэпсиир литература түмэлин үлэһитэ Ньургуйаана Халгаева.Ахсынньы 13 күнүгэр сарсыарда 10.30 чаастан Былатыан Ойуунускай  «Дьулуруйар Ньургун Боотур» сүдү айымньытын 9 ырыатын ааттаах-суоллаах олоҥхону толорооччулар толоруохтара: I ырыатын Петр Тихонов (Мэҥэ Хаҥалас улууһа), II  ырыатын Александр Багардынов (Таатта улууһа), III ырыатын Петр  Тихонов, IV ырыатын Афанасий Попов (Таатта улууһа), V ырыатын Анатолий Христофоров (Чурапчы улууһа), VI ырыатын Яна Ньургусова (Нам улууһа), VII-VIII-IХ  ырыалары Алексей Николаев (Таатта улууһа)”.

Дьокуускай куорат олоҥхону таптыыр олохтоохторун литература түмэлигэр “Ноо” диэн сэҥээрэ кэлэргитин күүтэллэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

15 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

29 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

1 час ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Маны билэҕин дуо?  Бит-билгэ

Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Харах балыыһатыгар Арассыыйа Гиннеһин рекорда оҥоһулунна

2025 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа тэриллибитэ 100 сылын туолар. Бу бэлиэ күнү көрсө, ахсынньы 11…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Муусука абылаҥар уһуйар учууталлар куонкурустара

Соторутааҕыта Дьокуускайга муусука учууталларын “Музыкальнай палитра”  1-кы аһаҕас идэтийбит куонкурустара буолан ааста. Куонкурус уһулуччулаах муусука…

2 часа ago