Норуодунай бэйиэт Анаабырга ыалдьыттаата

Норуодунай бэйиэт Анаабырга ыалдьыттаата

04.05.2023, 19:00
Хаартысканы Толбооно тиксэрдэ.
Бөлөххө киир:

Анаабыр улууһугар долганнар түөлбэлээн олорор Үрүҥ Хайа нэһилиэгэр Табаһыттар сүлүөттэрэ (бырааһынньыктара) ыытылынна.

Табаһыттар быйылгы сүлүөттэрэ Саха сиригэр Үлэ сылынан, Анаабыр долган-эбэҥки национальнай улууһугар – Табаны иитии, “Севернай” сопхуос тэриллибитэ 40, Социалистическай Үлэ Дьоруойа И.К.Спиридонов төрөөбүтэ 110 сылларын чэрчитинэн ыытылынна. Үбүлүөйдээх сүлүөт табаһыттарга үгүс үөрүүнү бэлэхтээтэ.


Сүлүөт чэрчитинэн араас тэрээһиннэр ыытылыннылар. Ол курдук, олохтоох ааптар, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Николай Туприн-Кэһиилээх Уола 13-с кинигэтэ сүрэхтэннэ. Сүрэхтэниигэ СӨ норуодунай бэйиэтэ Иван Мигалкин уонна мин, Галина Борисова-Толбооно, сырыттыбыт. Манна сыһыаран эттэххэ, СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕын (Ил Түмэн) дьокутаата Елена Голомарева уонна Иван Мигалкин улуус бочуоттаах ыалдьыттарынан ыҥырыллан тиийбиттэрэ. Кинилэр бөртөлүөтүнэн Сааскылаахха тиийэ сырыттылар. Норуодунай бэйиэт манна оскуола оҕолорун кытары көрсөн, истиҥ-иһирэх көрсүһүү буолла.


Саха норуодунай бэйиэтэ Иван Мигалкин поэзиятынан уйаҕас сүрэхтэри таарыйар, кинигэлэригэр олох муудараһын кэпсиир, суоллааҕы бэлиэтээһиннэри суруйар, айар үлэҕэ холонор ыччаттардыын өрүү сэһэргэһэр идэлээх.

Ол курдук, бу да сырыытыгар үүнэр көлүөнэ модельнай бибилэтиэкэтигэр үөрэнээччилэрдиин истиҥник  көрүстэ. Бастакы хоһооннорун хайдах айбытын, суруйааччы буолбутун кэпсээтэ, оҕолор ыйытыыларыгар хоруйдаата. Олохтоох суруйааччы Николай Туприҥҥа, бырааһынньыгы тэрийээччилэргэ, бибилэтиэкэ кэлэктиибигэр махталын тириэртэ, айаныттан астыммытын биллэрдэ.

Галина БОРИСОВА-ТОЛБООНО

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: