Норуодунай учуутал Н.И. Афанасьев аатынан бириэмийэ туттарылынна

Share

Нуучча географическай уопсастыбатын Саха сиринээҕи салаата педагогтарга норуодунай учуутал Николай Иванович Афанасьев аатынан Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын салайааччытын бириэмийэтигэр куонкурус түмүгүн таһаарда.

50 тыһыынча солкуобайдаах бириэмийэ лауреатынан Эбээн-Бытантай улууһун Кустуур оскуолатын  педагог-бибилэтиэкэрэ Светлана Семеновна Черепанова ааттанна.

Быйыл куонкуруска Дьокуускайтан уонна 14 улуустан 22 сайаапка киирбитэ. Куонкурус кыттааччылара бары кыраайы үөрэтиигэ кылааттарын иһин Нуучча географическай уопсастыбатын Саха сиринээҕи салаатын Махтал суруктарынан наҕараадаланнылар.

Н.И. Афанасьев аатынан бириэмийэ 2022 сыл сэтинньитигэр олохтоммута. Төрөөбүт кыраайдарын үөрэтэр, чинчийэр, сырдатар, патриотическай иитиинэн дьарыктанар  педагогтарга туттарыллар.

Быйыл норуодунай учуутал, САССР, РСФСР үтүөлээх учуутала, сэрии бэтэрээнэ Николай Иванович Афанасьев төрөөбүтэ 100 сылын туолар. Кини 51 сыл учууталынан, ол иһигэр 46 сыл Бүлүү улууһун Бороҕон орто оскуолатын дириэктэринэн үлэлээбитэ. Кини салалтатынан оскуола бастыҥ агро-хайысхалаах оскуола буолбута. «Арассыыйа бастыҥ оскуолата» аатын үстэ ылбыта. Н.И. Афанасьев  1997 сыллаахха «Арассыыйа бастыҥ дириэктэрэ» аатын ылбыта.

Бу иннинэ бириэмийэ лауреаттарынан Нерюнгри оройуонун 1-кы №-дээх гимназиятын географияҕа учуутала  Марианна Кушнир, Амма лиссиэйин биологияҕа, географияҕа учуутала Алена Быстрова буолбуттара.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Холокост сиэртибэлэрин кэриэстиир нэдиэлэ ыытыллар

Дьокуускайга тохсунньу 24 күнүгэр Өксөкүлээх аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Холокост сиэртибэлэрин кэриэстиир нэдиэлэ чэрчитинэн, «Пронзительная…

51 минута ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Эстрада ырыаһыта Москва сыанатыгар туруоруллар испэктээккэ оонньуоҕа

Эстрада судаарыстыбаннай тыйаатыра  үөрүүлээх сонуну тутта.   Ол курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа,  Эстрада тыйаатырын…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

700-тэн тахса киһи кэлим реабилитацияны ааста

Айсен Николаев сорудаҕынан, Ю.П. Степанов аатынан Өрөспүүбүлүкэтээҕи инбэлииттэр кэлим реабилитацияларын социальнай-чэбдигирдэр кииннэригэр байыаннай дьайыы 375…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

«Якутия» АХ Харбиҥҥа эбии рейстэри оҥоруоҕа

 «Якутия»  АХ   2025 сыллааҕы "Саас-Сайын"  расписаниетыгар олоҕуран, Харбиҥҥа  диэри  эбии рейстэри оҥоруоҕа. Бу туһунан  авиа-хампаанньа…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Көлөппүнэни хомуйбут киһи сууттанна

Уус Алдан улууһугар элбэх кээмэйдээх наркотигы сокуоннайа суох булууга уонна атыылыыр сыала суох харайыыга бириигэбэр…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Үөрэх

Марха 1-кы нүөмэрдээх оскуолата биир симиэнэҕэ көстө

2025 сыл тохсунньу 13 күнүттэн Дьокуускай куораттааҕы Марха 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолата биир симиэнэҕэ көстө.…

3 часа ago