Бүгүн САССР норуодунай бэйиэтэ, Дьокуускай куорат бочуоттаах гражданина Владимир Михайлович Новиков-Күннүк Уурастыырап төрөөбүтэ 116 сыла туолар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай бэйиэтэ Савва Тарасов ахтыытыттан билиһиннэрэбит.
«Күннүк Уурастыырап... Хас саастаахпар ити аат мин кулгаахпар киирбитин, хас саастаахпар аан бастаан ити ааты ааттаабыппын хантан билиэм баарай?! Билэрим биир эрэ: күн сирин көрүөхпүттэн, ону-маны өйдүөхпүттэн ити аат мин өйбөр-санаабар, сүрэхпэр-быарбар, куппар-сүрбэр баар. Оттон кини мөссүөнүн оччотооҕу хаһыс эрэ кылаас ааҕар кинигэтигэр аан бастаан көрбүтүм: өрүкүйбүт баттаҕа сүүһүгэр түспүт, өһөстүк будулуччу көрбүт хара бараан киһи миигин утары көрөн олороро…
Кырдьык да кини эрэ суруйуон сөп курдуга:
«Күлүктээх хараҥа былыттар тахсаннар
Күлүмнүүр күммүтүн саптылар:
Унаар күөх дойдуну үрдүнэн дайаннар
Уутуйан, тэнийэн бардылар.
Ыыстыйан, ыанньыйан, налыйан-налбыйан,
Аллара санньыһан истилэр:
Сабардаан, суорҕаннаан, сабыта халыйан,
Адьаһын намыһаан кэллилэр, – диэн.
Ити мин үгүстүк да көрбүт хартыынам этэ! Онтон дьэ, ыанньыйбыт хара былыттар аргыстара – тыал-куус түһэн, этиҥнэр тэлитэ тэбэн, чаҕылҕан сардыргыы чаҕыллан, ардах хойуутук курулаан барара… Билигин да мин кулгаахпар иһиллэргэ дылылар «этиҥнэр, күүһүрэ-күүһүрэ этэннэр, күһүгүр-лүһүгүр сүүрэллэрэ… Тэргэннии эстэннэр, тэлитэ тэбэннэр, дирбийэн-дарбыйан күүрэллэрэ»…Киһи умнубат улуу хартыыната, улуу өйдөбүлэ этэ…
Онно, оҕо сылдьаҥҥын, хайаан өйдүөҥ баарай – хаһан эрэ, хаһан эрэ, сүүрбэччэнэн-отутунан сылынан Күннүк Уурастыырабы кытары көрсүөххүн. Ону ааһан, биир идэлэниэххин, өйдөһүөххүн, хардарыта атастаһыаххын, аһара түһэн эттэххэ, эр дьон сэмэй, харахха быраҕыллыбат истиҥ тапталынан им-ньим таптаһыаххын…
Кэнники уонча сылларга үлэм да сиэринэн, ытыктабыл да көстүүтүн быһыытынан, мин бэйэм илиибинэн тутан, сүүрэн-көтөн, көтөҕөн-сүгэн, элбэх улахан суруйааччылары тиһэх суолларыгар атаартаатым… Ыарахан, күннээҕи олохпор көрсүбүт сүрэххэ-быарга ыарыылаах бэлиэни охсон ааһар ол улуу кутурҕан күннэриттэн саамай ыараханнара Күннүк Уурастыырабы кытары арахсыым этэ… Мин Маҥан суолун төрдүгэр, сибилигин аҕай Владимир Михайловиһы ииҥҥэ түһэрээри туран тыл эппитим. Ол этиим маннык этэ:
«Владимир Михайлович 83 сыллааҕыта хаар хараарыыта, көтөр кэлиитэ – кэрэ сааскы кэмҥэ төрөөбүтэ. Аҕыйах хонуктааҕыта кини ол төрөөбүт күнүгэр тоҕус хонук тиийбэккэ, хаар хараарыыта, көтөр кэлиитэ – кэрэ сааскы кэмҥэ өллө. Ити икки бэлиэ күннэр-дьыллар икки ардыларыгар аан дойду атыйахтаах уу курдук айманна: улуу революциялар буоллулар, улахан сэриилэр аастылар, олох ол аайы уонунан көрүҥ уларыйда: сааскылыы чэлгийдэ-чэчирээтэ, сайыҥҥылыы муҥутуу сайынна, күһүҥҥүлүү күрэҥсийдэ, кэҕиннэ, кыһыҥҥылыы кырыатынан хаарыйда… Күннүк Уурастыырап умнуллубат ырыалары ыллаабыта, улуу тойуктары туойбута, улаҕалаах олоҥхону айбыта. Сэттэ уонча сыл устата төрөөбүт норуотун өйүн-санаатын, сүрэҕин-быарын, кутун-сүрүн сорҕото буолбута…»
Мин саныахпар, Күннүк Уурастыырап курдук сүдү, улуу талааннары биэрбит норуот – дьоллоох норуот; оттон төрөөбүт норуотун төлкөлөөх түөрэҕин түстэспит, ону ыллаабыт-туойбут поэт — дьоллоох поэт.
Биһиги, билиҥҥи көлүөнэ саха суруйааччылара, Уурастыырап кэмигэр олоххо кэлбиппитинэн, Уурастыырабы кытта, Владимир Михайлович бэркэ сөбүлээн этэринэн, кытыйанан-хамыйаҕынан бырахсан, бииргэ үлэлээбиппитинэн – быһата, биир кэм салгынынан тыыммыппытынан бэйэбитин дьоллооҕунан ааҕынабыт. Норуот аайы Уурастыыраптар төрөөбөттөр, төрөөтөхтөрүнэ даҕаны, ол – сыл аайы, уонунан сыл аайы хатыламмат, үйэҕэ биирдэ буоллаҕына, ол үөрүү-дьол буолуо этэ.
Владимир Михайлович төрөөбүт норуотун быдан былыргытын аһара үчүгэйдик билэрэ. Уһун айаннарга, сылаалаах сырыыларга бииргэ сылдьан, уйгулаах остуолларга, көрдөөх көрсүһүүлэргэ, эбэтэр киэһэ хойут, сарсыарда эрдэ кини ат бөҕөлөр, кус быһыйдар, кырасыабай дьахталлар, кыргыттар, улуу олоҥхоһуттар, ойууттар, улахан уоруйахтар, халбаҥ хаартыһыттар тустарынан бүтэн биэрбэт кэпсээннээҕин умсугуйа истэрбит. «Таптыыр дьахтарбын анаан, оҥостон олорон туойарым эбитэ буоллар, сэгэртэйим барахсан, үс сылга тиийбэккэ өлүө этэ» диэбит Тоҕойук Баһылай биһиги сүрэхпитигэр сөҥмүтэ. Кини кэпсээннэриттэн биһиги тыл абыралы аҕалар, үчүгэйгэ тиэрдэр күүһүн эрэнииттэн араас алгыстар, көрдөһүүлэр үөскээбиттэрин, тыл алдьархайга тэбэр, куһаҕаны оҥорор кыахтааҕар эрэнииттэн ынырыктаах кырыыстар, андаҕардар айыллыбыттарын итэҕэйбиппит…».
Владимир Михайлович көрдөөх түгэннэри аҕыннаҕына, ис-иһиттэн иэйэн, сырдыы мичилийэн, уҥа илиитинэн сэҥийэтин имэрийэрдии өйүү тутан, хам-түм айаҕын саба туттан ыла-ыла, күлэ-үөрэ олорор буолара.
Кини итини таһынан «честно говоря», «кырдьыгы баран эттэххэ», «истиэххин тиэтэйдэххинэ», «алдьархайдаах Манчаарылар» диэн араас ис хоһоонноон, номохтоон таптаан туттар тыллардааҕа. Уопсайынан, эмискэ-эмискэ киһини соһутар тыллары туттарын сөбүлүүрэ.
… Охсуһуулаах кэмҥэ олорон, улахан да, кыра да араас уураахтар сүлүгэстэринэн үнтү сынньыллыбыт биһиги интеллигенциябыт, ол эрэн, төрөөбүт норуотун туһугар сулууспалыыр бигэ санаатын булгуруппатаҕа. Олох уустук кэмигэр бар дьонугар, норуотугар бэриниилээхтик сулууспалаабыт оннук дьоннортон биирдэстэрэ Владимир Михайлович Новиков-Күннүк Уурастыырап этэ…»
(1993 с. «Бичик» кинигэ кыһатыгар тахсыбыт «Күннүк Уурастыырап туһунан ахтыылар кинигэттэн).
Былыр-былыргыттан сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…
Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…
ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…
I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…
Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, 19:00 чаастан "Россия 24" телеханаалга «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…