Салгыы
Норуот бэйиэтэ Иван Гоголевка аналлаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэр быыстапканан аһылыннылар

Норуот бэйиэтэ Иван Гоголевка аналлаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэр быыстапканан аһылыннылар

19.01.2025, 10:00
Хаартыска: ааптар түһэриилэрэ
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Саха сирин уопсастыбаннаһа норуот бэйиэтэ, уһулуччулаах суруйааччы, драматург, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, САССР ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, «Хотугу сулус» Бүтүн Сойуустааҕы бириэмийэ лауреата Иван Гоголев-Кындыл төрөөбүтэ 95 сылын бэлиэтиир.

Үбүлүөйдээх тэрээһиннэр чэрчилэринэн, Дьокуускайга уонна суруйааччы  төрөөбүт Бүлүүтүн улууһугар киэҥ хабааннаах тэрээһиннэр ыытыллаллар.
Дьокуускай куоракка үбүлүөйдээх күннэр тохсунньу 17 күнүгэр П.Ойуунускай аатынан Литература түмэлигэр суруйааччы олоҕор уонна айар үлэтигэр аналлаах быыстапканан аһылыннылар.
Быыстапка кыттыылаахтарын уонна ыалдьыттары Литература түмэлин дириэктэрэ, СӨ норуодунай суруйааччыта Николай Лугинов уонна түмэл үлэһитэ Яна Поскачина көрүстүлэр.

Быыстапкаҕа Иван Михайлович аатын сүгэр Чочутааҕы түмэлгэ уонна түмэл-дьиэтигэр хараллан сытар: Кындыл  тутта сылдьыбыт мала-сала, илиинэн суруйуулара, кинигэлэрэ уо.д.а. — барыта 20-тэн тахса эспэнээт көрдөрүүгэ туруорулунна. Ону сэргэ араас сылларга бэчээттэммит, ол иһигэр ааптар  саамай күүстээх айымньыларыттан биирдэстэрэ — «Не отворачивайся, богиня милосердия» арамаанын кинигэтэ («Иэйэхсити кэлэтии» —  кыыһа, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ  Анна Гоголева тылбааһа, 2023 с.) баар. Бу кинигэ Уһук Илиҥҥи XXV «Бэчээт тиэргэнэ» литература куонкуруһугар үрүҥ көмүс мэтээли ылбыта.


Быыстапка аһыллыытыгар Бүлүү улууһун Чочу нэһилиэгин баһылыга Петр Догоюсов:
-Биһиги Кындыл аатынан түмэлбититтэн Иван Михайловичка анаммыт быыстапкаттан эспэнээттэри аҕаллыбыт. Биир дойдулаахтарын уонна дьонун-сэргэтин аатыттан үбүлүөйдээх тэрээһиннэр аһыллыбыттарынан эҕэрдэлиирбин көҥүллээҥ. Сыл устата Кындыл төрөөбүт дойдутугар араас таһымнаах дьаһаллар ыытыллыахтара. Иван Гоголев айар үлэтигэр сүгүрүйээччилэри биһиги тэрээһиннэрбитигэр  уонна  быйыл сайынҥы Ыһыахха күндү ыалдьыт буолан кэлэргитигэр ыҥырабыт, -– диэн эҕэрдэтин тириэртэ.
Быыстапка эспэнээттэрин Иван Гоголев кыыһа, Саха тыйаатырын сүрүн худуоһунньуга уонна Арассыыйа ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Лена Гоголева, Бүлүү улууһун түмэлин пуондатын үлэһитэ  Мария Лыткина билиһиннэрдилэр.


Быйылгы быыстапкаҕа биир сүрүн миэстэни Чочутааҕы түмэл суруйааччы айымньыларынан кыра скульптуралары оҥорорго ыыппыт куонкуруһун үлэлэрэ ылла.

Ол туһунан  Мария Лыткина:
-Дьоммут-сэргэбит биир дойдулаахпыт, ытыктыыр киһибит Кындыл айымньыларыгар аналлаах куонкуруһу ыыппыппытын биһирээтилэр. Тоҕо диэтэххэ, маннык куонкурустар  суруйааччы айар үлэтин, кини айымньыларын өссө төгүл билсэргэ, ааҕарга уонна санаа үллэстэргэ көҕүлүүллэр. Куонкуруһу ыытыахпыт иннинэ литературнай куруһуогу тэрийбиппит, кыттааччыларбытыгар көмө матырыйааллары оҥорбуппут. Холобур, Кындыл «Хара кыталык» кинигэтин дьоруойдарыттан, араас персонажтарыттан оҥоһуллубут кырачаан скульптуралары, ол иһигэр кыайыылаахтар үлэлэрин көрдөрүүгэ аҕаллыбыт. Өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан барыта 11 үлэни сыаналаабыппыт, — диэтэ.
Иван Михайлович Гоголевка-Кындылга аналлаах быыстапканы кэлэн көрүҥ, сэргээҥ, суруйааччы дойдутуттан аҕалыллыбыт сонун эспэнээттэри билсиҥ.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 января
  • -23°C
  • Ощущается: -23°Влажность: 77% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: