Норуот дьокутаата Өймөкөөн улууһун элбэх оҕолоох ыалларыгар кэһиитин ыытта
Чысхаан тымныылаах Өймөкөөҥҥө ыытыллыбыт сүүрүү марафонун тэрийиигэ Ил Түмэн Халыма-Индигиир уокуругуттан норуот дьокутаата Гаврил Алексеев күүс-көмө буолла.
— Марафон тэрийээччилэрин көрдөһүүлэрин быһа гыммакка, дьокутаат тэрээһини ыытыыга 200 тыһыынча солкуобай харчынан көмөлөстө. Итиэннэ сыл аайы күрэхтэһиини тэрийсэр улуус 10 көхтөөх олохтооҕор махталын биллэрэн, анал бириистэри анаата. Маныаха эбии Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларынан социальнай өттүнэн өйөбүлгэ наадыйар тыа сирин 20 ыалын оҕотугар Саҥа дьыллааҕы минньигэс бэлэҕи кэһиилээн ыытта. Тэрээһиҥҥэ Гаврил Алексеев бэйэтэ тиийэрэ кэккэ төрүөтүнэн кыаллыбата, кини оннугар дьокутаат бэрэстэбиитэлэ Евгений Стручков анаан баран туттарда, — диэн иһитиннэрдэ норуот дьокутаатын көмөлөһөөччүтэ Виктория Контоева-Варламова.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: