Норуот дьокутаата уокуругун олохтоохторун мэдиссиинэ аныгы тэрилинэн өйөөтө
Ил Түмэн дьокутаата Гаврил Алексеев Өймөкөөн уонна Орто Халыма улуустарын ыраах сытар фельдшерскай-амбулаторнай пууннарыгар аныгы мэдиссиинэ тэриллэрин бэлэхтээтэ.
Бу туһунан норуот дьокутаатын көмөлөһөөччүтэ Виктория Контоева иһитиннэрдэ: «Орто Халыма улууһун Арҕахтаах, Өлөөкө-Күөл, Сыбаатай нэһилиэктэрин олохтоохторо төрөөбүт дойдуларыттан ыраата барбакка, сүрэхтэрин анал аппараакка көрдөрөр, бэрэбиэркэлэтэр кыахтаннылар.
Оттон Тымныы полюһа Өймөкөөн улууһун Аартык бөһүөлэгин фельдшерскай пуунун дьокутаат тус бэйэтинэн өйөөн, пульсоксиметрдары, фармацевтическай холодильнигы, матараастаах функциональнай орону, ростомеры, кыһыл оҕо ыйааһынын ыытта.
Маны таһынан, мэдиссиинэ үлэһиттэрин көмпүүтэрдэринэн уонна принтердэринэн хааччыйда».
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: