Норуот дьокутаата Юрий Николаев байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын көрүстэ
Бэҕэһээ Дьааҥыттан төрүттээх байыаннай дьайыы кытыылаахтара уоппускаҕа кэллилэр. Кинилэри Дьокуускай куорат аэропордугар Тихоокеанскай флот морской пехотатын 155-с биригээдэтигэр бииргэ сулууспалаабыт уолаттара уонна бойобуой доҕотторо көрүстүлэр.
Ону таһынан байыастары норуот дьокутаата Юрий Николаев көрүстэ. Ол туһунан Ил Түмэн пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
«Бу кэлбит байыас Дьааҥы улууһун кыра дэриэбинэтиттэн сылдьар. Бэлиэтээн эттэххэ, бу кыракый дэриэбинэттэн бэйэлэрин баҕаларынан уонна мобилизациянан ыҥырыллан 17 киһи байыаннай дьайыыга кытта сылдьар. Кинилэр бары этэҥҥэ сылдьаллар, чугас дьонноругар уонна аймахтарыгар эҕэрдэ ыыталлар. Порка көрсүһүүгэ Дьааҥыттан төрүттээх өссө биир байыас кэллэ. Манна билбиппитинэн, кини Хабаровскай госпиталыгар эмтэнэн баран поеһынан саҥа кэлбит. Онон этиэм этэ, Илин Уһук уокуругуттан поеһынан уоппускаларыгар кэлээччи байыаннай дьайыы кыттыылаахтара Ил Түмэн уонна Бырабыыталыстыба өттүттэн болҕомтоҕо ылыллыбакка хаалаллар эбит. Ити түгэни учуоттуохха наада», — диэн эттэ норуот дьокутаата Юрий Николаев.
Уолаттар олохторун-дьаһахтарын, байыас күннээҕи олоҕун туһунан кэпсээтилэр.
«Биһиги байыастарбыт гуманитарнай көмөнү, дьонноруттан баһыылкалары чаастатык ыыталларыгар көрдөһөллөр. Байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттар чугас дьонноруттан кэһии, сурук туталларын олус астыналларын, санаалара көтөҕүллэрин, ол гынан баран олус хойутаан тиксэрэллэрин этэллэр», — диэн норуот дьокутаата уолаттар көрдөһүүлэрин тириэртэ.
Үгэс быһыытынан, Юрий Николаев байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар өрөспүүбүлүкэ баһылыгын аатыттан саха быһаҕын туттарда.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: