Байыаннай дьайыыларга кытта сылдьан эт-хаан эчэйиитин ылан, госпиталларга эмтэнэн баран, байыаннай сулууспалаахтар дойдуларыгар сынньана уоппускаҕа кэлитэлээн эрэллэр. Кинилэри аэропорка төрөппүттэрэ, кэргэттэрэ, оҕолоро, аймахтара көрсөллөр.
Бу күннэргэ норуот дьокутааттара Вячеслав Макаров уонна Николай Кульбертинов байыаннай дьайыылар кыттыылаахтарын порка көрүстүлэр. Үгэс курдук, Ил Дархан Айсен Николаев аатыттан эр санааларын уонна хорсун быһыыларын билинии бэлиэтин, уолаттарга саха быһаҕын туттардылар. Ол туһунан Ил Түмэн пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Вячеслав Макаров байыаннай дьайыыларга Дьокуускай куораттан ыҥырыллыбыт, дойдутугар бааһыран кэлбит байыаһы көрүстэ. Кини байыаска быһах туттарда уонна туруга тупсарыгар, түргэнник үтүөрэригэр, доруобуйата этэҥҥэ чөлүгэр түһэригэр баҕа санаатын эттэ.
Николай Кульбертинов Саха сириттэн байыаннай дьайыылар кыттыылаахтарын бөлөҕүн — Өлүөхүмэ, Нам, Бүлүү оройуоннарыттан төрүттээх байыаннай сулууспалаахтары көрүстэ.
«Ыам ыйын 9 күнүн – фашистары Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы күнүн иннинэ байыаннай эпэрээссийэ кытыылаахтарын, биһиги буойуттарбытын көрсөбүт. Уолаттарбыт этэҥҥэ тыыннаах кэлбиттэриттэн олус үөрэбин. Байыастар билигин чугас дьоннорун кытары көрсөн, кэпсэтэн, дьиэ-уот сылааһын билэн, күүс-уох эбиниэхтэрин, доруобуйаларын тупсарыахтарын наада. Кинилэр ытык иэстэрин төлөөбүт, биһиги көмүскээччилэрбит буолаллар», — диэн эттэ Николай Кульбертинов Дьокуускай аэропордугар көрсүһүү кэмигэр.
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…