Салгыы
Норуот дьокутааттара өрөспүүбүлүкэ тыл туһунан сокуонугар уларытыылары киллэриини өйөөтүлэр

Норуот дьокутааттара өрөспүүбүлүкэ тыл туһунан сокуонугар уларытыылары киллэриини өйөөтүлэр

23.10.2024, 12:39
Хаартыска Василий Кононов түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Ил Түмэн тохсус ыҥырыылаах пленарнай мунньаҕар бүгүн, алтынньы 23 күнүгэр, норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыл туһунан» сокуон барылын бастакы ааҕыыга ылыннылар. Бу сокуон барылын федеральнай сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэр инниттэн уонна терминология биир сүрүннээх буоларын туһугар ырытан оҥордулар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуоннарыгар «язык саха» тиэрмин ылыныллыбытыгар олоҕуран өрөспүүбүлүкэ сокуонун тиэкиһигэр «саха язык» тиэрмини «язык саха» диэн уларытарга этиллэр. Итинэн сибээстээн  Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай былааһын уорганнарыгар сыһыаннаан терминологияны биир сүрүҥҥэ киллэрэргэ диэн суруллар.

Ону тэҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыл туһунан сокуон ирдэбиллэрин тутуспат буолуу иһин эппиэтинэһи олохтуур. Сокуон барыла «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыл туһунан» Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуонун 39 ыстатыйата Арассыыйа Федерациятын сокуоннарыгар сөп түбэһиннэрэн оҥоһулунна.

Дьүүллэһии түмүгүнэн норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыл туһунан» сокуон барылын бастакы ааҕыыга ылыннылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -32°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: