Ил Түмэн тохсус ыҥырыылаах пленарнай мунньаҕар бүгүн, алтынньы 23 күнүгэр, норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыл туһунан» сокуон барылын бастакы ааҕыыга ылыннылар. Бу сокуон барылын федеральнай сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэр инниттэн уонна терминология биир сүрүннээх буоларын туһугар ырытан оҥордулар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуоннарыгар «язык саха» тиэрмин ылыныллыбытыгар олоҕуран өрөспүүбүлүкэ сокуонун тиэкиһигэр «саха язык» тиэрмини «язык саха» диэн уларытарга этиллэр. Итинэн сибээстээн Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай былааһын уорганнарыгар сыһыаннаан терминологияны биир сүрүҥҥэ киллэрэргэ диэн суруллар.
Ону тэҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыл туһунан сокуон ирдэбиллэрин тутуспат буолуу иһин эппиэтинэһи олохтуур. Сокуон барыла «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыл туһунан» Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуонун 39 ыстатыйата Арассыыйа Федерациятын сокуоннарыгар сөп түбэһиннэрэн оҥоһулунна.
Дьүүллэһии түмүгүнэн норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыл туһунан» сокуон барылын бастакы ааҕыыга ылыннылар.
Арассыыйаҕа бэлиэтэнэр Ийэ күнүн көрсө, сэтинньи 22 күнүгэр Саха сиригэр элбэх оҕолоох ийэлэргэ судаарыстыбаннай наҕараадалары…
Дьокуускай куоракка Саха тыйаатырын Алампа саалатыгар «Суоһалдьыйа Толбонноох" айымньытын суруллубут историятын сэгэттэххэ» диэн ураты кинигэ…
Дьокуускай полициятыгар эр киһи 12 тыһ.солк. суумалаах төлөпүөнүн уордарбытын туһунан иһитиннэрбит диэн СӨ ИДьМ пресс-сулууспата…
Аан дойдуга буола турар быһыы-майгы туһунан Ил Дархан Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар санаатын үллэһиннэ: -- Арҕааҥҥы…
Сэтинньи 22 күнүгэр Арассыыйаҕа Психолог күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн 1994 сыллаахха Арассыыйатааҕы психологическай уопсастыба бастакы…
Бүгүн Дьокуускай куоракка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта былаас уорганнара,…