Норуот дьокутааттара илиинэн оҥорон таһаарааччылары өйүүр сокуону ылыннылар

Share

Ил Түмэн уочараттаах пленарнай мунньаҕар «Саха Өрөспүүбүлүкэтин аччыгый уонна орто урбаан сайдыытын туһунан» СӨ 6-с уонна 38-с №-дээх ыстатыйатыгар уларытыылары уонна эбиилэри киллэрии туһунан» сокуон барыла көрүлүннэ.

Сокуон барылын норуот дьокутааттара Афанасий Владимиров уонна Алексей Корнилов көҕүлээн оҥордулар. Сокуон барылыгар аччыгый уонна орто урбааны өйүүргэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын боломуочуйата чуолкайданна уонна судаарыстыбаннай былаас итиэннэ олохтоох салайыныы уорганнарын өттүттэн илиинэн оҥорооччулары, уһанааччылары өйүүр көмө испииһэгэ ыйыллыбыт.

Дьоҕус уонна орто урбаан субъектарын өйүүр инфраструктура тэрилтэлэрин, ол иһигэр илиинэн оҥоруу, уһаныы кииннэрин уонна кинилэр үлэлэрин хааччыйыыга, үбүнэн, сүбэнэн-аманан, иһитиннэриинэн өйөбүлү оҥорууга көмө оҥоһуллуон сөп, ол туһунан барылга эмиэ суруллубут.

Манна бэлиэтээн эттэххэ, илиинэн оҥорон таһаарыы диэн өйдөбүлэ эмиэ быһаарылынна. Онно табаары бэйэ илиитинэн оҥорон таһаарыы, үлэни уонна өҥөнү оҥоруу эбэтэр таҥаһы-сабы, атах таҥаһын, маһынан уонна тимиринэн уһаныы, ону тэҥэ бытовой өҥөнү оҥоруу киирэр диэн суруллубут.

Сокуон бырайыагын дьүүллэһии түмүгүнэн норуот дьокутааттара сокуону иккис ааҕыыга бүтэһиктээхтик ылыннылар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

8 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

8 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

9 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

9 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

10 часов ago