«Норуот эмчитэ» кинигэ бэчээттэннэ
Норуот эмчитэ, айылҕаттан айдарыылаах Фома Петрович Чашкин — Куома Чааскын уонна кини уола Михаил Фомич Чашкиннарга бар дьон махталын, ахтыытын, кинилэр тустарынан бэчээттэммит матырыйааллартан таҥыллан «Норуот эмчитэ» диэн кинигэ күн сирин көрдө.
Кинигэни «Таатта» хаһыат эрэдээксийэтэ иилээн-саҕалаан оҥорбут. Кинигэ туһунан Михаил Фомич Чашкин кэргэнэ, Альбина Саввична санаатын үллэһиннэ:
«Аҕабыт, кэргэним туһунан кинигэ ааспыт ыйга тахсыбыта. Кинигэни «Таатта» хаһыат эрэдээктэрэ Анна Константиновна Посельская сүүрэн-көтөн, сыралаһан оҥорон таһаарда диэн этиэм этэ. Уопсайа үс сыл устата бар дьон ахтыыта хомуллан, түмүллэн оҥоһулунна. Барыта 2000 ахсаанынан таҕыста. Кинигэ кэннигэр үс КУАР код киирдэ. Манна аҕабыт Михаил Фомич былырыын 75 сааһын туолбут үбүлүөйүн тэрээһинэ киирдэ. Ону сэргэ, хаартыскалар эҥин киирбиттэрэ. Кинигэ тахсарын бастаан аҕабыт соччо сөбүлээбэтэҕэ, тыыннаах киһиэхэ ахтыы кинигэтин оҥороллор диэн. Ол да буоллар улууспут типографията хаһыаты бэйэтэ үбүлээн таһаарда, онон билигин арааһа атыыланан эрдэҕэ буолуо».
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: