«Норуот эмчитэ» кинигэ бэчээттэннэ

Share

Норуот эмчитэ, айылҕаттан айдарыылаах  Фома Петрович Чашкин — Куома Чааскын уонна кини уола Михаил Фомич Чашкиннарга бар дьон махталын, ахтыытын, кинилэр тустарынан бэчээттэммит матырыйааллартан таҥыллан «Норуот эмчитэ» диэн кинигэ күн сирин көрдө.

Кинигэни «Таатта» хаһыат эрэдээксийэтэ иилээн-саҕалаан оҥорбут. Кинигэ туһунан Михаил Фомич Чашкин кэргэнэ, Альбина Саввична санаатын үллэһиннэ:

«Аҕабыт, кэргэним туһунан кинигэ ааспыт ыйга тахсыбыта. Кинигэни «Таатта» хаһыат эрэдээктэрэ Анна Константиновна Посельская сүүрэн-көтөн, сыралаһан оҥорон таһаарда диэн этиэм этэ. Уопсайа үс сыл устата бар дьон ахтыыта хомуллан, түмүллэн оҥоһулунна. Барыта 2000 ахсаанынан таҕыста. Кинигэ кэннигэр үс КУАР код киирдэ. Манна аҕабыт Михаил Фомич былырыын 75 сааһын туолбут үбүлүөйүн тэрээһинэ киирдэ.  Ону сэргэ, хаартыскалар эҥин киирбиттэрэ. Кинигэ тахсарын бастаан аҕабыт соччо сөбүлээбэтэҕэ, тыыннаах киһиэхэ ахтыы кинигэтин оҥороллор диэн. Ол да буоллар улууспут типографията хаһыаты бэйэтэ үбүлээн таһаарда, онон билигин арааһа атыыланан эрдэҕэ буолуо».

What’s your Reaction?
+1
9
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
+1
1
+1
1

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

3 часа ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

7 часов ago