Норуот эмчитэ Фома Петрович Чашкин-Куома Чааскын уола, эмиэ эмчит идэлээх Михаил Фомич Чашкин туһунан “Норуот эмчитэ” диэн саҥа кинигэ бэчээттэнэн таҕыста.
Бу Тааттаҕа олохтоох аҕа уолунаан дьон билиниитин ылыан ылбыт дьоннор. Төһөлөөх элбэх саха киһитэ кыһалҕа оҥостубут ыарыытын эмтэтэн, киһи буолбута, тыынын уһаппыта буолуой.
Кинилэр тустарынан Таатта улууһун Уолба нэһилиэгин баһылыга Александр Винокуров суруйуутуттан быһа тардан билиһиннэрдэххэ маннык:
“Куома Чааскын былыргынан IV Байаҕантай нэһилиэгэр, билиҥҥитэ Уолба Дьөҥкүүдэй эбэҕэ, 1878 с. дьадаҥы, үөрэҕэ суох ыалга төрөөбүтэ. Дьону эмтээһини сааһыран баран, сэрии сылларыттан ыла, саҕалаабыта (…).
Билигин аҕатын туйаҕын хатаран Уолбаҕа Куома Чааскын улахан уола Михаил Фомич үгүс киһини эмтээн дьон махталын ылыан ылар. Аҕатын Куома курдук ыарыһахтары бохсуруйан, ыалдьар сирдэригэр алгыстаах туос эмэгэти сыһыаран, оту алҕаан эмтиир. Михаил Фомич 1947 с. сэтинньи 11 күнүгэр күн сирин көрбүтэ”.
Кинигэҕэ аҕалыы-уоллуу Чааскыннарга эмтэнэн үтүөрбүт дьон ахтыылара, махталлара киирбиттэр. Кинигэни хомуйан оҥорбут “Таатта ытык дьоно” бырайыак салайааччыта, “Таатта” хаһыат эрэдээктэрэ А.К. Посельская: “Кинигэ оҥорорго элбэхтэ биллэрии ыыттым, элбэх дьону кытта алтыстым. Бары сүгүрүйэллэр, махтаналлар, үтүө санааларын тиэрдиэхтэрин тыллара тиийбэт, сатаан суруйбаттар. Онон бу кинигэҕэ киирбит ахтыылары, махтал тылларын хас эмэ киһи тыһыынчанан киһи санаата диэн ылыныахтаахпыт”, — диэн түмүк тылыгар быһааран суруйбут.
Дьэ ситинник үгүс киһиэхэ үрүҥ күн өллөйө буолбут үтүө-мааны дьоннор тустарынан кинигэ сүрэхтэниитэ алтынньы 15 күнүгэр Национальнай бибилэтиэкэҕэ 15.00 чаастан буолуоҕа.
Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…
Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…
Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…
Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…
Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…
Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…