Норуот көҕүлээһинин өйүүр бырагыраама көдьүүһэ улахан

Share

Норуот кэҕүлээһинин өйүүр бырагыраама (ППМИ) тыа сирин сайыннарыыга эбии үбүлээһини куонкуруһунан ылыыга биир көдьүүстээх мэхэньиисиминэн буолар. Бу — тыа сирин олохтоохторо, олохтоох салайыныы уонна эрэгийиэн былаастара бииргэ үлэлээһиннэрин чаҕылхай көстүүтүн биир бастыҥ холобура.

2024 сылллаахха, бэс ыйын 18 күнүгэр, Бүлүү улууһун Чинэкэтигэр  биир үөрүүлээх күн буолбута. Нэһилиэнньэ өр кэтэспит МТЗ-82.1Т диэн тыраактара  кэлбитэ. Погрузчик оруолун толорор кыахтаах, анал баһардаах.  Уопсай суумата 2 мөл. 558 тыһ солк. Нэһилиэк бүддьүөтүттэн  300 000 солк., нэһилиэнньэттэн 258 000 солк., өрөспүүбүлүкэбит бүддьүөтүттэн  2 мөл. солк көрүллүбүтэ.  «Кыайыы төрдө – сомоҕолоһууга» диэн мээнэҕэ этиллибэтэх эбит. Маннык тустаах бырагыраамаларга сөпкө тайанан бары биир санаанан түмсэрбит көдьүүһэ улахан.  Түгэнинэн туһанан, туох баар саҕалааһыннарбытыгар, бачыымнарбытын өйүүр-өйдүүр биир дойдулаахтарбар барҕа махталбытын тиэрдэбит.

Кэлэр 2026 сылга сынньалаҥ кулуубугар led-экраны ылаары,  куонкуруска аналлаах тустаах бырайыагы бэлэмнээтибит. Олохтоохтор өйүүллэрин биллэрдилэр.  Онон барыта сатаныа диэн эрэнэбит.

Чинэкэттэн Акулина Николаева.

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Баһылай Харысхал аатынан бириэмийэни Утум Захаров ылла

Амма улууһа уонна Баһылай Харысхал аатынан пуонда норуодунай суруйааччы төрөөбүтэ 75 сылынан Баһылай Харысхал аатынан…

2 минуты ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Кыһын саҕаланыытыгар кириибинэн ыалдьыы үрдүүрэ күүтүллэр

Чугастааҕы нэдиэлэлэргэ Арассыыйаҕа кириибинэн ыалдьыы күүскэ элбиирэ күүтүллэр, оттон эпидемия муҥутуур чыпчаала кыһын ортотугар буолуоҕа.…

7 минут ago
  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

«Кыайыы Харыйатын уруһуйдаа» күрэххэ кыттарга ыҥыраллар

Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылыгар «Кыайыы Харыйатын уруһуйдаа» диэн норуоттар икки ардыларынааҕы уруһуй…

37 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүөнэ өрүһү туоруур кыһыҥҥы суол тохсунньуга аһыллыа диэн иһитиннэрдилэр

Дьокуускай-Аллараа Бэстээх хайысханан "Халыма" федеральнай  суолунан Өлүөнэ өрүһү туоруур кыһыҥҥы суолу 2026 сыл тохсунньу 5…

48 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

ОДьКХ үлэһиттэрэ «80 үтүө дьыала» аахсыйаҕа кытталлар

ОДьКХ үлэһиттэригэр Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылыгар анаммыт бэтэрээннэргэ көмө оҥорор «80 үтүө…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Быраас сымыйа докумуону оҥорон дьыалаҕа тардылынна

Дьааҥы улууһун борокуратуурата бырааһы сымыйа докумуона оҥорууга буруйдаан, холуобунай дьыаланы суукка ыытта. Силиэстийэ барылынан, буруйданааччы…

1 час ago