Салгыы
Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ

Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ

Ааптар:
24.09.2024, 09:30
Хаартыска Николай Попов тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Уус Алдан улууһун Лөгөй нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ улаханнык үөрэн, сэргэхсийэн, киэн туттан сылдьаллар.

Ол курдук, нэһилиэк эр дьоно мустан Кэптэни-Хомустаах хайысхатынан суол өрөмүөнүгэр тахсыбыттар. Бу туһунан нэһилиэк баһылыга Николай Попов сырдатта, өйөбүл буолбут, көмөлөспүт дьонугар махтанна.

— Кэптэни олохтоохторун суон дурдалара, халыҥ хаххалара — күүстээх аҥардар бука бары мустан Хомустаах — Кэптэни суолугар күһүн, саас уу мустар сирин көннөрдүлэр, улахан хаспахтарга кумах куттуллар, суол кытыытынан ханааба хастылар. Улуус дьокутаата Анатолий Бурнашев грейдерэ кутуллубут кумаҕы тэҥнээн биэрэр.

Күһүн, саас бу суолга айанньыт эрэ барыта эрэйи көрөр. Онон улуусрут дьокутаата, олохтоох пиэрмэр Анатолий Бурнашев этии киллэрбитэ, нэһилиэххэ көхтөөх тэрийээччи Петр Перевалов дьону үп-харчы, ас-үөл хомуйуутугар көҕүлээтэ. Маныаха хаһаайкалар үлэ-хамнас үөһүгэр түспүт дьоҥҥо ас астаан ыыттылар, күүстээх үлэ кэмигэр эбиэт бэлэмнээн дьоннорун аһатан тирэх, көх-нэм буоллулар.
Бу үлэҕэ элбэх көлө туһанылынна. Онно олохтоохтор, Кэптэниттэн төрүттээх дьоммут харчынан кыттыһан көлөлөрү заправкалаан улахан көмөнү, өйөбүлү оҥордулар. Маны сэргэ, Лөгөй лиссиэй-интэринээтин үрдүкү кылааһын уолаттара субуотунньукка кыттаннар, интэринээт оҕолоро ас астаан көмөлөһөн күүстээх үлэ үчүгэй түмүктээх буолла диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын.

Дьоммор-сэргэбэр туһаайан өрүү маннык түмсүүлээх буолуоҕуҥ, нэһилиэкпит сайдыытын биир тыын боппуруоһа — суол үлэтигэр бары кыттыспыт дьоммутугар махталбын тиэрдэн туран барыгытыгар чэгиэн доруобуйаны, үлэҕитигэр, үөрэххитигэр ситиһиини, олоххутугар дьолу баҕарабын. Норуот күүһүэ — көмүөл күүһэ, — диэтэ Николай Попов.

Хаартыскалар Николай Попов тиксэриилэрэ

+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
28 сентября
  • 5°C
  • Ощущается: 2°Влажность: 75% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: