Норуот маастардара сахалыы иискэ үөрэтиэхтэрэ
Бу күннэргэ Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр “Симэх” национальнай кииҥҥэ “Аттаран тигии абылаҥа алыптаах иискэ угуйда” диэн быыстапка буола турар.
Быыстапканы “Кырадаһын абылаҥа” түмсүү 10 сыллаах айар үлэтин көрсө арыйда. Манна 18 иистэнньэҥ 130-тан тахса үлэтэ көрдөрүүгэ турда.
“Тохсунньу 22 күнүгэр “Кырадаһын абылаҥа” түмсүүбүт тэриллибитэ уон сыла туолла. Манна аҥардас быыстапка үлэлэрэ эрэ турбат, бэйэбит тохсунньу 25 күнүттэн олунньу 2 күнүгэр диэри 11 чаастан уонна 14.00 чаастан уочаратынан маастар-кылаастары ыытабыт, — диир түмсүү салайааччыта, норуот маастара Дария Семеновна Козлова. – Ол курдук сарсын, тохсунньу 28 күнүгэр, 14 ч. маастар А.П. Иванова “Дьиэ харысхала” панно тигиитигэр үөрэтиэҕэ. Ситинник тохсунньу 29-30 күннэригэр быысыбай тигиигэ П.Н. Федорова, тымныыттан харыстанар хаттык таҥастары тигиигэ В.Е. Манасытова, П.Н. Федорова, чаппараах тэлиэтигэр, панноҕа сукуна лоскуйдарыттан бытырыыс оҥоруутугар С.Е. Федотова, М.И. Максимова үөрэтиэхтэрэ. Олох саҥа саҕалыыр дьону эмиэ ыҥырабыт, тохсунньу 30 күнүгэр 11 ч. кырадаһынтан кыбытыылаах тигиигэ маастардар М.И. Максимова, Я.С. Саввинова бэйэлэрин билиилэрин үллэстиэхтэрэ. Олунньу 1 күнүгэр сахалыы дьахтар кытыылаах сонун толору кэмпилиэгин тиктиэн баҕалаахтарга маастардар Д.С. Козлова, П.Н. Федорова сүбэ-ама биэриэхтэрэ, ньэмиэт кырыйыытыгар үөрэтиэхтэрэ. Олох тугу да иистэммэт дьахталлар кэлэн, тигэргэ үөрэнэн, сахалыы сон тиктэн бэйэлэриттэн бэйэлэрэ да сөҕөн, үөрэн-көтөн барбыттара элбэх. Онон баҕалаах дьону саарбахтаабакка кэлэн, үөрэнэргитигэр ыҥырабыт. Маны таһынан олунньу 2 күнүгэр Климовская Я.П., Саввинова Я.С. кыбытыылаах тигиигэ туттуллар киэргэтиилэри: таҥалайдыы тигиини, илим ойуутун, харысхал ойуутун оҥорууга, ону таһынан П.Н. Федорова эр киһи моойторугун саһыл кутуругуттан тигэргэ, А.Г. Рожина, В.Е. Манасытова сахалыы бытырыыстаах былааты оҥосторго үөрэтиэхтэрэ.
Бэйэбит бу уон сыл устата тугу сатаабыппытын барытын тиһэн, кинигэ оҥорон таһааран иһэбит. Быйыл үбүлүөйдээх сылбытын көрсө “Кырадаһын абылаҥа” кинигэбит 3 чааһын таһаардыбыт. Түгэнинэн туһанан, куорат олохтоохторун, ыалдьыттарын “Симэх” норуот ускуустубатын уонна уус-уран оҥоһуктарын национальнай киинигэр быыстапкаҕа кэлэргитигэр ыҥырабыт”.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: