Норуот маастардара сэлэлээн хаамтылар
Бүгүн, кулун тутар 5 күнүгэр, Дьокуускайга үгэс буолбут сылын аайы ыытыллар норуот маастардарын сэлэлээн хаамыылара буолла. Ол курдук Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин инниттэн Орджоникидзе болуоссатыгар диэри норуот маастардара, талба талааннаахтара, устудьуоннар, түмсүүлэр, кэлэктииптэр, уопсайа тыһыынча кэриҥэ киһи хаамта.
Эбээн Бытантай улууһун Кустууруттан норуот маастара Ольга Попова биһиги саайпытыгар бэлиэ тэрээһиһ туһунан санаатын үллэһиннэ:
— Биһиги Эбээн Бытантай Кустууруттан уонна Саккырыырыттан сэттиэ буолан кэлбиппит. Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот маастардарын тэрээһиннэригэр сыл аайы кыттабыт. Сүрүн сорукпут — эдэр маастардары таһаарарга үлэлэһэбит. Уус-уран оҥоһуктардаах маастардар бэйэлэрин үлэлэрин сыллата туруораллар. Мин хайысхам — оҕуруонан тигии. Эбээн Бытантай оһуорун-бичигин киэҥ эйгэҕэ таһаарабыт. Түгэнинэн туһанан бары норуот маастардарыгар үөрүүлээх күнүнэн эҕэрдэбин тиэрдэбин.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: