Норуот маастардара Владимир Путины өйүүллэр
«Биһиги, норуот маастардара Владимир Путини өйүүрбүтүн биллэрэбит. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр элбэх – 135 араас омук иллээхтик-эйэлээхтик олорор. Үгүс сыллар усталарыгар норуот хаһаайыстыбата, үөрэх, наука, култуура бары салаалара биһиги эрэгийиэммитигэр уонна дойдуга ситиһиилээхтик сайдаллар. Ол иһигэр Саха сирин норуоттарын үгэс буолбут уус-уран дьарыктара эмиэ сайдар», — диэн норуот маастардара судаарыстыба баһылыгын өйүүллэрин биллэрдилэр.
Саха сирин норуоттарын ассамблеятын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Яна Игнатьева 2017 сыллаахха Йошкар-Ола куоракка ыытыллыбыт Арассыыйа Бэрэсидьиэнин иһинэн норуоттар икки ардыларынааҕы боппуруостарга сүбэ мунньахха кыттыбытын, онно дакылаат оҥорбутун туһунан кэпсээтэ. «Мин тус бэйэм Владимир Путины өйүүбүн, тоҕо диэтэххэ, Арассыыйа норуоттарын сомоҕолоһуута уонна сайдыыта кини аатын кытары быстыспат сибээстээхтэр», — диэн Яна Игнатьева эттэ.
Владимир Путин Уопсастыбаннай приемнайа Дьокуускай куоракка 2023 сыл ахсынньытыттан үлэлиир. Волонтердар олохтоох нэһилиэнньэ этиитин ылаллар, салгыы кинилэр Владимир Путиҥҥа туттараллар. Өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай приемнайга олохтоохтортон номнуо сүүстэн тахса этии киирдэ. Бэйэлэрин этиилэрин – уопсастыбаннай тэрилтэлэр уонна араас омук түмсүүлэрин бэрэстэбиитэллэрэ, ону тэҥэ бүтүн үлэ кэллэктииптэрэ киллэрдилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: