Салгыы
Норуот маастардарын пуорумнара саҕаланна

Норуот маастардарын пуорумнара саҕаланна

03.03.2023, 15:15
https://www.sakha.gov.ru/
Бөлөххө киир:

VII Норуот маастардарын пуорумугар Саха сириттэн, Казахстантан, Москваттан, Бурятияттан, Алтаайтан, Хабаровскай, Камчатскай кыраайдартан 150-ча кыттааччы кэлэн, кыһалҕаларын, сайдар суолларын ырытыһыахтара, уопуттарын үллэстиэхтэрэ.

Пуорум кыттыылаахтарын бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников эҕэрдэлээтэ. Норуот уус-уран оҥоһуктарын сайыннарыыга судаарыстыбаннай бэлиитикэ ыытылларын туһунан эттэ.

“Симэх” национальнай киин уопсастыбаннай бырайыактары тэрийэр. Маастардар таһымнарын үрдэтэргэ тиһиктээх үлэни ыытар.

Дьокуускайдааҕы художественнай училище, Намнааҕы педагогическай колледж, Дьокуускайдааҕы ускуустуба, дизайна колледжа бу эйгэҕэ ирдэнэр исписэлиистэри бэлэмнээн таһаараллар.

Айсен Николаев ыйааҕынан, Таатта улууһугар Баайаҕаҕа уустары, маастардары түмэр “Мандар Уус” этнографическай комплекс тутуллубута. Сыллата маастардарга Ил Дархан граннарын туттараллар.

Уһук Илиҥҥэ саамай улахан “Үлэ кыбартаала” креативнай кластер аһыллыбыта, манна маастардар сайдалларыгар үчүгэй усулуобуйа тэриллибитэ.

Саха сиригэр 6 тыһыынчаттан тахса маастар, 97 урбаанньыт, 112 түмсүү баар. 275 киһи “СӨ норуот маастара” үрдүк ааты, 606 киһи “СӨ норуот уус-уран оҥоһуктарын маастара” ааты сүгэллэр.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: