Норуот маастарын күнэ 4,5 тыһыынчаттан тахса маастары түмтэ

Share

А.Е. Кулаковскай аатынан Саха сирин норуоттарын доҕордоһууларын дьиэтигэр «Уруйдан, Уус күнэ!» дойдуга дьиэ кэргэн уонна өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо сылыгар аналлаах норуот маастарын күнүгэр аналлаах дьоро киэһэ буолан ааста.

Билигин  Саха сиригэр «Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуот маастара» 294 киһи , «Саха Өрөспүүбүлүкэтин уус-уран үөрэхтээһинин маастара» 670 киһи аатын сүгэллэр. Барыта 4,5 тыһ. тахса  киһи норуот уус-уран айымньытын эйгэтигэр дьарыктаналлар.

Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев бырааһынньыгынан эҕэрдэ тылыгар норуот маастардара өрөспүүбүлүкэ култуурунай нэһилиэстибэтин уонна устуоруйатын дьиҥнээх араҥаччылааччылара буолалларын бэлиэтээтэ.

Хаартыска: "Симэх" национальнай галерея
Хаартыска: "Симэх" национальнай галерея

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников тэрээһин кыттыылаахтарын эҕэрдэлээн туран, кэлэр соругунан Дьокуускайга норуот уус-уран идэҕэ кластерын тэрийии буоларын эттэ.

Быйыл норуот маастарын күнүгэр сэлэлии хаамыыга 200 киһи кытынна, оттон түмүк тэрээһиҥҥэ 28 улуустан 1700 киһи кыттыыны ылла.

Үгэскэ кубулуйбут норуот уус-уран ускуустубатын сайыннарыыга уонна чөлүгэр түһэриигэ боччумнаах кылаатын иһин «Удьуор Уус» аата саха норуотун маастарыгар Николай Потаповка иҥэрилиннэ.

«Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара» бочуоттаах бэлиэни Саха сирин 8 улууһуттан 11 норуот сатабыллаах маастардарыгар туттардылар.

Хаартыска: «Симэх» национальнай галерея

What’s your Reaction?
+1
0
+1
2
+1
2
+1
3
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

10 часов ago