Норуот ньыматынан эмтэнии

Норуот ньыматынан эмтэнии

23.11.2024, 16:00
Кыһыылаах ымынахха (чесотка) элбэх ньургуһуну хомуйан, оргутан эттэрин бүтүннүү сууналлар.
Бөлөххө киир:

Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллибит ньымаларынан бэйэлэрэ эмтэнэллэрэ.

Тугу туһаналлар эбитий?

Тымныйыыга

Былыр сахалар тымныйыы, сөтөл сибикитин биллилэр даҕаны маҥнай итии миин уонна оргуйбут үүт иһэллэрэ.

Оттон күөмэйдэрэ ыарыйдаҕына, собо үөһүн сылаас ууга суурайан сайҕаналлара.

Дөлүһүөн элбэх битэмииннээҕин быһыытынан, оргутан уутун иһэллэрэ.

Моонньоҕон отонун, сэбирдэҕин сөтөлтөн эмтэнэргэ туһаналлара.

Биэ эмиийин отонун хатаран чэй курдук көөнньөрөн, тымныйдахтарына тиритиннэрэр ньыма быһыытынан иһэллэрэ.

Анемияҕа

Сахалыы даҕаны толкуйдаан көрдөххө, былыр анемия диэн ама хайаан суох буолуой, син биир дэҥ кэриэтэ ыалдьаллара биллэр. Аныгы дьон “фыы”, “фуу” диэн сылгы быарын сиикэйдии да сиэбэттэр, эгэ хаанын иһиэхпит дуо. Ас-үөл мөлтөҕүттэн кэлин улаатан эрэр оҕолор ортолоругар анемия олус элбээтэ диэн бэлиэ­тииллэр. Былыр анемиялаах киһиэ­хэ убаһа хаанын иһэрдэллэр эбит. Хайдах? Күһүн сылгы өлөрүүтүгэр сылдьан дьон сылгы көхсүн хаанын баһан ылан иһэллэр. Этэ-сиинэ ирдиир дьон утаппыттыы иһэллэр диэн этэллэр. Ол иһин анемиялаах дьону анаан-минээн үс-түөрт сыл сылгы өлөрүүтүгэр илдьэ сылдьаллар уонна көхсүн хаанын сылаас­тыы иһэрдэл­лэр үһү. Эбэтэр сылгы сибиэһэй хаанын ыстакаан аҥаардыытынан сүүрдэн ылан 5-6 күн истэххэ анемия сүтэр диэн сүбэлииллэр.

Хааннара бардаҕына, ньирэй уонна убаһа хаанын иһэрдэллэр диэн Худяков кинигэтигэр суруйан турар.

Үлүйүүгэ

И.А.Худяков “Краткое описание Верхоянского округа” кинигэтигэр былыр сахалар норуот ньыматынан тугунан эмтэнэллэрин эмиэ сырдатан ааһар. Сүөһү кэлин атаҕыттан ылыллыбыт сыатын, мэйиитин үлүтүүттэн туһаналлар диэн суруйар. Итини сэргэ, сылгы хараҕын уутунан үлүйбүт сирэйи, тарбаҕы соттоллор эбит.  Сорохтор үлүйүүгэ, итии ууга сиэттэххэ хаас уонна эһэ сыатын хото туһаналлар эбит.

Арамачыыс

Былыр да, быйыл даҕаны арамачыыс сахалар ортолоругар киэҥник тарҕаммыт ыарыы буолар. Аныгы кэмҥэ эпэрээссийэ көмөтүнэн киһини хаамтарар эбит буоллахтарына, былыр ыарыытын мүлүрүтээри, араас ньыманы бары туһаналлара биллэр. Холобур, сылгы мэйиитин сүөгэйгэ булкуйан маас оҥорон баралыыстаабыт уонна сүһүөхтэрэ, систэрэ ыалдьар дьон соттоллорун туһунан кэлин элбэхтик ахтыллар буолла.

Атыттар убаһа сиикэй сибиэһэй мэйиитин бэйэтин маас быһыытынан эмиэ туталлар эбит. Тарбаҕынан балачча баһан ылан сарсыарда оронтон ту­­раат уонна киэһэ утуйуох иннинэ ыалдьар сирдэрин сотон, итийиэр диэри күүскэ имэринэллэр. Ити кэнниттэн ыалдьар сири букатын тоҥоруо суохтаах эбиттэр. Сис ыарыытыгар эмиэ бу ньыманы туһаналлар.

Итини таһынан, арамачыыстаах дьон ыалдьар сирдэрин эһэ сыатынан, ардах кыһыл чиэрбэтиттэн оҥоһуллубут көөнньөрбөнөн соттоллоро биллэр.

Сорохтор кымырдаҕас хайаҕыттан (муравьиное масло) оҥоһуллубут утаҕы эмиэ иһэллэр эбит.

Айылҕа атын да ньымаларыттан былыргы сахалар норуот мэдиссии­нэтигэр оту-маһы хото туһаналлара. Ордук киэҥник таас хайах (каменный хайах) буоларын ыйаллар итиэннэ бу от 40 ыарыыны утары туһаныллар диэн бэлиэ­тииллэр. Билигин даҕаны Саха сирин эмтээх үүнээйитинэн эмтэнии бастакы миэстэҕэ турар. Бука, ити өбүгэлэрбит, хас биирдии балаҕан дьоно  үүнээйини киэҥник туһаналларын туоһута буолуон сөп.

Модьуун (лишай) буулаатаҕына, кукаакыны тыыннаахтыы тутан, сүрэҕин хаанынан эмтэнэллэр.
Бааска

Модьуун (лишай) буулаатаҕына, кукаакыны тыыннаахтыы тутан, сүрэҕин ылан сылаас хаанынан модьууҥҥа таммалаталлар. Сороҕор уматыллыбыт кураанах талаҕы уонна сүмэһини (железа) туталлар, онтон тахсыбыт уунан бистэллэр.

Оттон уос бааһын сарсыарда уонна киэһэ күлүнэн соттоллор.

Кыһыылаах ымынахха (чесотка) элбэх ньургуһуну хомуйан хочуолга хаппахтаан туран оргуталлар уонна сэбирдэхтээх сы­­лаас уунан эттэрин бүтүннүү сууналлар. Оччоҕо ымынах эрэ буолбакка, тирии эмиэ хоҥнон түһэр (слезает) эбит.

Сороҕор кыһыы­лаах ымынахтаах дьон сайын угуттаан турар тымныы ууга киирэн сыталлар эбит.

Сорох докумуоннар туоһулуулларынан, бааһы эмтиир­гэ саҥа өлөрүллүбүт ынах эбэтэр биэ иһигэр сытыараллар эбит. Оттон улаханнык кырбаммыт, тыына быстаары гыммыт киһиэхэ ынах иһин ха­­йытан, сүрэҕин ороон хаанын эмтэрэллэрэ үһү.

Чэрээдэ диэн уу кытыытыгар сииктээх сиргэ үүнэр  оту тирии бааһыгар, диатезка, ириҥэлээх бааска тутталлар.

Ис уорган

Куртах бааһырыытыгар (язва желудка) хатыыс хабаҕыттан, таба муоһуттан, туйаҕыттан оҥоһуллубут силими иһэл­лэрэ. Маны тэҥэ, куртах ыарыытыгар моруосканы сииллэр эбит.

Таас хайаҕы хабаҕы тымнытыыга эмиэ туһаныллар. Ити туһунан “Национальная культура коренных народов Республики Саха (Якутия)” диэн кинигэр маннык суруллар: “Как пишет врач М.Овчинников, для лечения хронического воспаления мочевого пузыря якуты “употребляют накипь, образующуюся на обыкновенном плитняке, породе весьма древней геологической формации, встречающейся по р. Чаре, Олекме, Намалке и Жуе. Накипь эта известна у якутов под названием “каменный хайах”. Эта накипь использовалась вместе с различными продуктами животного происхождения, с молоком, жиром”.

Ис ыарыытыгар ыт тылын (от) буоккаҕа көөнньөрөн иһэллэр.

Сахалар бултуур, балыктыыр, сүөһүнү иитэр буолан, дьиикэй да, дьиэ кыылын-сүөлүн даҕаны кытта ыкса сибээстээхтэрэ. Этин-үөлүн сииллэрин таһынан, сүөһү чааһын, ис уорганын от-мас кэнниттэн эмп быһыытынан улаханнык туһаналлара. Сүөһү биир даҕаны этин чааһын хаалларбакка барытын туһаҕа таһаараллара. Куртаҕар тиийэ эмп быһыытынан туһаналлара.

МАНЫ БИЛЭҔИН ДУО?

Отоһуттар – лекари

Хаанньыт – человек, выпускающий кровь

Түөн уурааччы – лечащий прижиганием

Уҥуох тутааччы – костоправ

Саҕахчыт – лечащий кремнем

Угутчут – лечащий нагреванием

Имэрийэн эмтээччи – массажист.

Саха отоһуттара билэр ыарыылара – болезни, знакомые лекарям саха

Төбө ыарыыта – головная боль

Дьарҕа – хроническая болезнь суставов

Тумуу, сөтөл – недомогание, грипп

Кумахы (титириир) – малярия

Соҕуо – зоб

Былчархай – железа

Куччаҥа – заболевание кожи

Охсор охсубут – паралич

Кутургуйа – чирей

Көрөр буолбут – фурункул

Сэллик (сөтөл) – туберкулез легких

Иҥиирэ тардар – судороги

Искэн – опухоль

Кыбыытын кыаммат – непроизвольное мочеиспускание

Бопторуу – астма

Уруттааһын – недомогание в результате чрезмерного употребления жидкости

Обот кэбистэрии – диабет

Умнуган буолуу – склероз

Тот ыарыы – водянка

Саһарар ыарыы – желтуха

Түөһэйии – старческое слабоумие

Бүлгүрүйүү – вывих

Уҥуох тостуута – перелом кости

Уҥуу – обморок

Кыһыылаах ымынах – чесотка

Модьуун – парша, лишай

Бааһырыы – нарыв

Иирии – сумасшествие.

(Васильев П.К., Федоров И.Г. “Ойуу тылдьыт” кинигэттэн).

БЭЧЭЭККЭ БЭЛЭМНЭЭТЭ ЛЮДМИЛА ПОПОВА.
ХААРТЫСКАЛАР: ВИКИПЕДИЯ УОННА СИА СААЙТЫТТАН

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: