Норуот синоптига Тускул улуустарынан ахсынньыны анаарда
Бары көрө-билэ сылдьарбыт курдук, кэлиҥҥи сылларга өтөрүнэн биллибэтэх сылаас сэтинньи кэлэн ааста.
Бу туһунан норуот синоптига Тускул хаста да бэлиэтээбитин курдук, улахан Атлантическай циклон бүтүн Арассыыйа үрдүнэн сабардаан, халлаан 6-10 кыраадыһынан сылыйда.
— Аны ахсынньыга үктэннибит. “Дьэ, хайдах халлаан биһигини күүтэрий?” диэн ыйытыы үгүс киһини үүйэ-хаайа тутар. Сэтинньи ыйга Европаттан саҕалаан, Азияны хабан, Урал хайаларынан Атлантическай акыйаантан кэлбит циклон дьайыыта ахсынньы да, тохсунньу да ыйдарга салҕаныаҕа — улахан сылыйыы кэлээри турар. Онон быйыл урукку сыллардааҕар ураты сымнаҕас кыһын буолуоҕа. Онтон саамай тымныы улуустарбытыгар Өймөкөөҥҥө, Дьааҥыга ахсынньы-тохсунньу ыйдарга сүрүннээн -45С уонна -50С икки ардынан буолуоҕа. Аны барыллааһын быһыытынан улуустарынан анаардахха, ахсынньыга күн-дьыл туруга маннык буолуоҕа…» — диэн туран, норуот синоптига хас биирдии улууһунан анааран, ахсынньыны билгэлээтэ.
Бу туһунан сиһилии «Саха сирэ» хаһыат бээтинсэтээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: