Салгыы
Норуот  синоптига Тускул ыам ыйын билгэлээтэ

Норуот  синоптига Тускул ыам ыйын билгэлээтэ

06.05.2024, 18:30
sakha-sire.ru хаартыската.
Бөлөххө киир:

Үгэс быһыытынан норуот  синоптига Тускул ыам ыйын билгэлээтэ.

ИЛИН ЭҤЭЭР УЛУУСТАР

Ыам ыйа илин эҥээр улуустарга, былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, сылаас буолара сабаҕаланар. Үгүс улуустарга I дэкээдэҕэ түүҥҥү өттүгэр тымныйар. II-III дэкээдэҕэ күүскэ ириэриэҕэ.

Сөҥүү: I дэкээдэҕэ – 2 күн  ардыыр; II дэкээдэҕэ – 5 күн ардыыр, 1 күн ардыыр; III дэкээдэҕэ – 3 күн ардыыр;

Бу ый I дэкээдэтэ түүн да, күнүс да тымныы: күнүс +13С, +8С кыраадыс сылаас, түүн +4С, +1С.

II дэкээдэҕэ – күнүс +13С, +10С кыраадыс, түүн +7С, +5С кыраадыс сылаас.

III дэкээдэ күнүс да, түүн да биллэрдик сылыйар. Күнүс +19С, +16С кыраадыс, түүн +11С +8С кыраадыс сылаас.

КИИН УЛУУСТАР

Ыам ыйа киин улуустарга, былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, улахан тыала суох. Сылаас ый буолара сабаҕаланар.

Сөҥүү: I дэкээдэҕэ – 3 күн, II дэкээдэҕэ – 5 күн, III дэкээдэҕэ – 3 күн ардыыр.

Бу ый I дэкээдэҕэ – күнүс +12С, +9С кыраадыс тымныы, түүнүн +5С, +2С кыраадыс. II дэкээдэҕэ – күнүс +15С, +13С кыраадыс, түүн +10С, +7С кыраадыс сылаас.
III дэкээдэҕэ – күнүс +19С, +16С кыраадыс, түүн +12С, +9С кыраадыс сылаас.

БҮЛҮҮ БӨЛӨХ УЛУУСТАР

Бүлүү эҥээр улуустарга киин улуустары кытта тэҥ соҕус күн-дьыл туруоҕа. Түүн олус тымныйар.
Сөҥүү: I дэкээдэҕэ – 2 күн, II дэкээдэҕэ – 4 күн, III дэкээдэҕэ – 1 күн ардыыр.
Бу ый I дэкээдэҕэ, былырыыҥҥы сылга тэҥнээтэххэ, түүн тымныы. Күнүс +9С, +6С кыраадыс, түүн +6С, +3С. II дэкээдэҕэ – кыра ардахтаах. Күнүс +12С, +10С кыраадыс, түүн +6С +3С кыраадыс сылаас. III дэкээдэҕэ – күнүс+16С, +13С кыраадыс, түүн +10С, +8С кыраадыс сылаас.

ӨЛҮӨХҮМЭ, АЛДАН, НЕРЮНГРИ ОРОЙУОННАРА

Соҕуруулуу-арҕаа улуустарга быйыл сөҥүүлээх буолара сабаҕаланар.
Сөҥүү: I дэкээдэҕэ – 4 күн, II дэкээдэҕэ – 5 күн, III дэкээдэҕэ – 4 күн ардыыр.
Бу ый I дэкээдэҕэ – күнүс +14С, +10С кыраадыс, түүн +4С, +1С сылаас. II дэкээдэҕэ –күнүс +18С, +13С кыраадыс, түүн +9С, +5С кыраадыс сылаас. III дэкээдэҕэ – күнүс +18С, +15С
кыраадыс, түүн +11С +8С кыраадыс сылаас.

ӨЙМӨКӨӨН УЛУУҺА

Тымныы полюһунан аатырар Өймөкөөн улууһугар, урукку сыллардааҕар, ыам ыйа арыый да сылаас, ол эрээри сөҥүүтэ аҕыйах.
Сөҥүү: I дэкээдэҕэ – 2 күн, II дэкээдэҕэ – 5 күн, III дэкээдэҕэ – 1 күн ардыыр.
Бу ый I дэкээдэтигэр күнүс +6С, +3С кыраадыс, түүн -9С, -5С сылаас. II дэкээдэҕэ –cымнаһыар курдук: күнүс +12С, +6С кыраадыс, түүн +7С, +4С кыраадыс сылаас. III дэкээдэҕэ – күнүс +16С, +13С кыраадыс, түүн +8С, +5С кыраадыс сылаас.

ДЬААҤЫ УЛУУҺА

Дьааҥы Саха сирин биир эмиэ саамай тымныы улууһунан биллэр. Былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, быйыл бу эҥээргэ эрдэлээн сылыйыыһы.
Сөҥүү: I дэкээдэҕэ – 4 күн, II дэкээдэҕэ – 1 күн, III дэкээдэҕэ – 4 күн ардыыр.
Бу ый I дэкээдэҕэ +10С, +5С кыраадыс, түүн -4С, +1С сылаас.
II дэкээдэҕэ – күнүс +13С, +10С кыраадыс, түүн +10С, +4С кыраадыс сылаас. III дэкээдэҕэ – күнүс +16С, +12С кыраадыс, түүн +10С, +6С кыраадыс.

АБЫЙ, МУОМА, ХАЛЫМА, ҮӨҺЭЭ ХАЛЫМА, АЛЛАРАА ХАЛЫМА УЛУУСТАРА

Халыма-Индигиир эҥэр улуустарга быйыл урукку сыллардааҕар киин улуустарга тэҥнэһэр гына быдан сылыйыаҕа. I — II — III дэкээдэлэргэ ардах олох да суох.
I дэкээдэҕэ күнүс +12С, +10С кыраадыс, түүн -4С, -1С кыраадыс тымныы. II дэкээдэҕэ күнүс +11С, +8С кыраадыс, түүн +5С, +2С кыраадыс сылаас. III дэкээдэҕэ күнүс +17С, +14С кыраадыс, түүн +7С+4С кыраадыс сылаас.

АНААБЫР, ӨЛӨӨН, БУЛУҤ УЛУУСТАРА

Арктика эҥээр улуустарга ыам ыйа бастакы уонна иккис дэкээдэлэригэр түүҥҥү өттүгэр тымныйыаҕа.
Сөҥүү: I дэкээдэҕэ – 1 күн, II дэкээдэҕэ – 3 күн хаардыыр, III дэкээдэҕэ – 1 күн ардыыр, 1 күн хаардыыр.
Ыам ыйыгар I дэкээдэҕэ -4С, -1С кыраадыс, түүн -8С -2С тымныы. II дэкээдэҕэ – түүҥҥү өттүгэр тымныйыаҕа. Күнүс -3С, -2С кыраадыс, түүн -7С, -5С кыраадыс тымныы. III дэкээдэҕэ – күнүс +3С, +1С кыраадыс сылаас, түүн -4С, -1С кыраадыс тымныы.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
20 мая
  • 1°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 60% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: