«Знание» Арассыыйатааҕы уопсастыба «Знание.Первые сразу» марафону дойду бары федеральнай уокуруктарыгар тэрийэн ыытар.
Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук тэрээһинэ Дьокуускайга «Сэргэлээх уоттара» култуура киинигэр сэтинньи 4 күнүгэр буолуоҕа. «Знание.Первые» сырдатар марафоҥҥа бэлиитиктэр, экэниэмикэ, бырамыысыланнас, култуура, наука эйгэтин үлэһиттэрэ, ыччат — улаатан эрэр оскуола үөрэнээччилэриттэн эдэр исписэлиистэргэ тиийэ кыттыахтара.
Ыччат иннигэр былаас бэрэстэбиитэлэрэ, биллиилээх спортсменнар, байыаннай дьайыы кыттыылаахтара, биллэр-көстөр артыыстар, ситиһиилээх урбаанньыттар кыттыахтара. Кинилэр үгэс буолбут сыаннастар, ситиһиилэр тустарынан, уо.д.а. кэпсиэхтэрэ.
«Знание.Первые» марафон былаһааккатыгар судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэллэр, дойду дьоруойдара, улахан хампаанньалар салайааччылара, ситиһиилээх урбаанньыттар, култуура уонна ускуустуба маастардара, уһулуччулаах учуонайдар, 80 кэриҥэ спикер баар.
«Уһук Илиннээҕи федеральнай уокурук былаһааккатыгар ыччаты кытта СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков, РФ летчик-космонавт Сергей Рязанскай, икки төгүллээх олимпийскай чөмпүйүөн, Арассыыйа слаломҥа чөмпүйүөнэ Вик Уайлд, байыаннай дьайыы кыттыылаахтара, спортсменнар, наука, култуура диэйэтэллэрэ кыттыыны ылыахтара», — диэн иһитиннэрэллэр марафону тэрийээччилэр.
«Знание.Первые» марафон араас киэбинэн ыытыллар: лиэксийэттэн «хаалтыһа суох» көрсүһүүгэ, видеонан экскурсияҕа тиийэ.
Бастакы федеральнай таһымнаах сырдатар марафон 2021 сыллаахха ыам ыйыгар ыытыллыбыта уонна «Знание» Арассыыйатааҕы уопсастыба символынан буолбута. Бу кэм устатыгар марафон сэттэтэ тэрилиннэ, онно 80 тыһыынчаттан тахса киһи, 700 тахса спикер кытынна, 900 мөл. кэриҥэ киһи көрбүтэ бэлиэтэнэр. Марафоҥҥа Арассыыйа саҥа эрэгийиэннэрин олохтоохторо мэлдьи кытталлар.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Уус Алдан улуустааҕы киин балыыһатыгар “Онкопоиск” скрининг дьаарбаҥката ыытылынна. Дьаарбаҥка чэрчитинэн улуус олохтоохторо доруобуйаларын көрдөрөр…
Ямало-Ненецкэй Автономнай уокурукка хирурдар оскуолаҕа инсуллаабыт аҕыс саастаах кыыһы быыһаабыттар. Ити туһунан тустаах уокурук Доруобуйатын…
Угуйук угуохпутун баҕарабыт диир дьоҥҥо киирэн биэримэҥ. Түөкүттэр бас билээччилэри эбэтэр администратордары кытта биллэр маркетплейстар…
Дьааҥы улууһугар Баатаҕайга "Дьоҕус уонна орто урбаан" бырайыагы олоххо киллэриинэн, "Мин биисинэһим" өҥөнү оҥорор киин…
Түүл туоларын нэдиэлэ күнүнэн, чааһынан быһааралларын туһунан истибиккит дуо? Онтон Р.И.Бравина "Түүл сахалыы тылдьыта" кинигэтигэр…
Сэттэ саастаах кыыһы эчэтиигэ буруйдаах погрузчик суоппарын холуобунай дьыалата суукка ыытыллыбыт. Дьокуускай куорат борокуратуурата 1972…