Норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр түмэллэр ыҥыраллар
Сэтинньи 4 күнүгэр судаарыстыбаннай түмэллэр ааннара сарсыарда 10-тан киэһэ 18 чааска диэри көрөөччүлэргэ аһаҕас.
Ол курдук, СӨ Национальнай художественнай түмэлигэр академик Грабар аатынан Бүтүн Арассыыйатааҕы художественнай-реставрациялыыр киин хомуурдарынан «Древнерусская живопись в наследии А.Н. Овчинникова» быыстапка үлэлиэҕэ.
Ем. Ярославскай аатынан түмэлгэ «Тепло материнских рук», «По благословению Сэвэки» (эвенкийские традиции охоты и рыбалки), «Огнестрельная эволюция: из коллекции огнестрельного оружия музея», «Вечерами мы играли», «Для чего нам камни?» быыстапкаларга ыҥыраллар.
Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун түмэлигэр «Персонажи Смутного времени на Руси: в истории и в музыке» диэн видеонан эспэнээт көрдөрүөхтэрэ, кэпсиэхтэрэ уонна «Сомоҕо Оһуохайа» диэн оһуохайга ыҥырыахтара.
Хомус түмэлигэр уонна кииҥҥэ «Хомуска толорооччулар династиялара» быыстапка үлэлиир
Былатыан Ойуунускай аатынан Саха судаарыстыбаннай литературнай музейа «Дружба литератур — дружба народов» бырайыак экскурсиятыгар уонна билиһиннэриитигэр ыҥырар.
Өлөөн сэлиэнньэтигэр Өлөөннөөҕү хотугу норуоттар историко-этнографическай түмэлэ Өлөөн уонна Харыйалаах нэһилиэктэрин олохтоохторугар «Код предков – сквозь глубину веков» экскурсия быыстапкатыгар сылдьалларыгар ыҥырар. Быыстапкаҕа норуот маастара Анна Сергеева үлэлэрин билиһиннэриэхтэрэ.
Ленскэйдээҕи «Дружба» судаарыстыбаннай историко-архитектурнай түмэл-заповедникка Уус Алдан улууһун Суотту сэлиэнньэтигэр «В дружбе народов — сила России» бырааһынньыктааҕы тэрээһин ыытыллар. Онно национальнай бүлүүдэлэр дьаарбаҥката, маастар- кылаастар ыытылыахтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: