Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн Ил Дархан эҕэрдэтэ
Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан судаарыстыбаннай бырааһынньыгынан — Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Сэтинньи 4 күнэ Ийэ дойду тутулуга суох буоларын туһугар норуот сомоҕолоһуутун, самныбат күүһүн туоһутун быһыытынан судаарыстыба албан ааттаах устуоруйатыгар киирбитэ. 1612 сыллаахха Кузьма Минин уонна Дмитрий Пожарскай салалталарынан норуоппут турунан, Москваны Польша-Литва халабырдьыттарыттан босхолообута. Дойду дьылҕатын быһаарар охсуһууга элбэх омуктаах норуоппут кыайыылаах тахсарыгар Аҕа дойдуга бэриниилээх буолуу мэлдьи дьоһун төһүү буолан кэллэ.
Бүгүн биһиги, Арассыыйа олохтоохторо, олохсуйбут үтүө үгэспитинэн эмиэ сомоҕолоһон, туораттан бэйэлэрин бэрээдэктэрин уонна сыаннастарын соҥнуур күүстэри утары турдубут. Судаарыстыба интэриэһин туруулаһар, устуоруйа кырдьыгын чөлүгэр түһэрэр буойуннарбытынан биһиги киэн туттабыт. Саха сирин олохтоохторо кыайыы дьыалатыгар дьоһун кылааттарын киллэрэллэр. Биһиги биир дойдулаахтарбыт эһэлэрин, хос эһэлэрин утумнаан кыргыһыы хонуутугар хорсун быһыыны көрдөрөллөр. Кинилэргэ бырабыыталыстыба, тэрилтэлэр, дьоҕус биисинэс, омук общиналара, нэһилиэнньэ — өрөспүүбүлүкэбит барыта көмөлөһөр. Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэннэригэр өйөбүл дьаһаллара оҥоһуллар.
Арассыыйа Федерациятын бары эрэгийиэннэрэ дойдубут саҥа эрэгийиэннэрин чөлүгэр түһэриигэ тус кылааттарын киллэрэллэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ Кировскай куоратын сөргүтүүгэ көмөлөһөр. Онно олох-дьаһах күннэтэ тупсан, дьон олороругар табыгастаах буолан иһэрин, оттон Саха сирин дьоно Донбасс олохтоохторугар бэйэ дьоно буолбуттарын бэлиэтии көрөбүт. Бу буолар норуот дьиҥнээх сомоҕолоһуута. Ханнык да тургутуулары аахсыбакка, биһиги дойдубут кыаҕыран-күүһүрэн иһэр. Саха сирэ дойду быстыбат сорҕотун быһыытынан сайдар, иннин диэки дьулурҕатык хардыылыыр.
Сэтинньи 4 күнүгэр экэниэмикэ араас салааларыгар дойду дьоһун суолталаах ситиһиилэрин, субъектар сайдыыларыгар уонна норуоттар икки ардыларынааҕы үлэҕэ-хамнаска үтүө холобуру кэрэһилиир “Арассыыйа” норуоттар икки ардыларынааҕы далааһыннаах быыстапка-пуорум үлэтэ саҕаланар. Бу быыстапка-пуорумҥа атын эрэги-
йиэннэри кытта тэҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтэ креативнай индустрия аныгы бырайыактарын, бырамыысыланнас, тутуу, мэдиссиинэ, тыа хаһаайыстыбатын эйгэлэригэр ханна да суох айан таһаарыылары болҕомто киинигэр туруоруоҕа.
Олор үгүстэрэ федеральнай бырагыраамалар суоттарыгар, дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин өйөбүлүнэн баар буоллулар.
Төрөөбүт өрөспүүбүлүкэбит уонна дойдубут чэчирии сайдалларын туһугар, олоҕу айар-тутар сыалбытыгар хас биирдиибит салгыы тус кылаатын киллэрэригэр бигэ эрэллээхпин.
Бары бииргэ саҥа үрдүк кирбиилэри ситиһиэхпит, уопсай дьиэбит — Улуу Арассыыйа модун кыаҕын бөҕөргөтүөхпүт.
Күндү доҕоттор! Эһиэхэ чэгиэн туругу, или, үтүөнү, уҕараабат эрчими, бары саҕалааһыннаргытыгар ситиһиилэри, дьолу уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: