Норуот тапталлааҕа Марфа Куличкинаны ахтан-санаан аастыбыт

Share

От ыйын 6 күнүгэр В.Г.Белинскэй аатынан бибилэтиэкэҕэ саха дьахталларыттан биир бастакынан поэзия аанын арыйан киирбит, бэртээхэй хоһооннордоох, дьон-сэргэ таптаан истэр ырыалардаах Марфа Петровна Куличкина төрөөбүтэ 95 сылын көрсө «Олоххо ыҥырар хоһооннор» диэн бэртээхэй тэрээһин буолан ааста.

Ситиминэн кэлбит биллэриини көрөммүн, ааҕааччы уонна кини талааныгар сүгүрүйээччи буоларым быһыытынан, маннык түгэни мүччү тутумаары мин эмиэ тиийэ сырыттым, кини туһунан ситэри билбэтэхпин, истэн биллим.

Тэрээһини «Күөрэй дуу, күөрэгэйим» диэн кинигэ ааптара, дьиэ кэргэн педагогунан норуокка киэҥник биллэр Любовь Семеновна Аргунова иилээн-саҕалаан ыытта. Ыҥырыылаах ыалдьыттар — бөлүһүөк, суруналыыс Анатолий Павлов-Дабыл, ырыа айааччы Розалия Анисимова-Талбаана, Михаил Санников-Уол Сарсын, Дмитрий Пономарев-Дьолуолаах, Галина Шарина, Валентина Сокольникова, Зоя Тумусова, «Саха» НКиХ ыытааччыта Георгий Белоусов о.д.а. истиҥ-иһирэх тылларынан ахтан аастылар, Марфа Куличкина хоһооннорун аахтылар, ырыаларыттан ыллаатылар.

Марфа Петровна сэбиэдиссэйинэн  үлэлээбит интэринээтин оччотооҕу иитиллээччи оҕолоро киһи эрэ уйадыйыах, олус истиҥник кэпсээн, ахтан аастылар. Кини хас биирдиилэригэр ийэлии кыһамньылаахтык, болҕомтолоохтук сыһыаннаспытын эттилэр. Интэринээт оҕолоро бары өртүнэн үчүгэй хааччыллыылаахтык көрүллэн- истиллэн олорбуттарын аҕыннылар. Билигин ол интэринээт М.П.Куличкина аатын сүгэр. Үтүө, сэмэй да киһи кэлэн, олорон, айан, суруйан барбытын бу күн өссө төгүл өйдөөн-санаан аастахпыт…

Тэрээһин саҕаланытыыгар «Эйигин аларга көрсөөрү…» диэн хоһоонугар А.Дмитриев-Чүмэчи айбыт ырыатын Константин Степанов ыллыырын фон быһыытынан  холбообуттара киһини уйадытан ылла. Ырыаларын тыллара даҕаны, матыыптара даҕаны олус табыллыбыттар .Дьон-сэргэ кутун туппут хоһооннордоох Марфа Куличкина төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах тэрээһин аны күһүн Төҥүлүгэ буолара былааннанар.

Валентина САВВИНА-Оһуордаах

What’s your Reaction?
+1
7
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха сиригэр 2024 сылга орто хамнас төһө буолбутуй?

Сахастат дааннайдарынан 2024 сыл тоҕус ый түмүгүнэн Саха сирин тэрилтэлэригэр балаҕан ыйыгар орто хамнас 103,2…

34 секунды ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха сирин икки оройуонугар сир хамсааһына бэлиэтэммит

Бу күннэргэ Саха сирин соҕуруу өттүгэр сейсмическэй сир хамсааһына бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Геофизическай сулууспатын Саха…

12 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Мииринэйгэ итирик туруктаах суоппар «Мерседенс Бенц» массыынаны кытта харсыспыт

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 6 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит.  Киин куоракка 1993 с.т. улаханнык эчэйэн…

16 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Оҕолорго «Аптаах таас» диэн саҥа кинигэ таҕыста

 “Айыы кыһата” оскуола оҕолоро суруйааччы, суруналыыс Ангелина Васильеваны-Дайыынаны кытта көрүстүлэр. Кини оҕолорго аналлаах “Аптаах таас”…

23 минуты ago
  • Сонуннар
  • Спорт

ВИДЕО. Гиирэ успуордун Федерациятын Куубагын үөһээ бүлүүлэр ыллылар

Ахсынньы 14-15 күннэригэр  Намнааҕы култуурунай-спортивнай комплексыгар  ыытыллыбыт сылы түмүктүүр СӨ гиирэ успуордун Федерациятын Куубагын түмүгэ…

31 минута ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Дьокуускайга вандаллар эмиэ сылаас тохтобулу алдьаттылар

Бу сырыыга киин куоракка вандаллар иккис төгүлүн Гагаринскай уокурукка сылаас тохтобулу алдьаппыттар. Бу туһунан ахсынньы…

38 минут ago