Хас биирдии норуот бэйэтин тɵрɵɵбүт тылын, тɵрүт култууратын илдьэ сылдьан, үѳрэтэн, сайыннаран, сүтэрбэккэ кɵлүɵнэттэн кɵлүɵнэҕэ тиэрдэн иhиэхтээх. Бу ɵбүгэлэрбититтэн хаалбыт киэн туттуубут, уратыбыт буолар. Ийэ тылын кэрэхсиир, норуотун үтүɵ үгэстэрин билэргэ талаһар оҕо сайаҕас ɵйдɵɵх-санаалаах буола улаатар.
Бу манна ордук суолтаны фольклор ылар. Хомоҕой тыл, үтүɵ үгэс, мындыр ѳй, сиэр-туом барыта норуот тылынан уус-уран айымньытыгар түмүллэр. ϴбүгэлэрбит норуот тылынан уус-уран айымньытын кɵлүɵнэттэн кɵлүɵнэҕэ дьарык гынан тириэрдэллэрэ. Онон тɵрүт итэҕэлбитин, дьарыкпытын, сахалыы үгэстэрбитин харахпыт харатын курдук харыстаан, айылҕабытыттан тэйбэккэ илдьэ сылдьыахтаахпыт.
Билиҥҥи кэмҥэ саха норуотун тылынан уус-уран айымньыта сайдар суолга киирдэ. Онон биhиги кɵлүɵнэ норуоппут уус-уран айымньытын сүрүн кɵрүҥнэрин: ырыаларын, чабырҕахтарын, тойуктарын, олоҥхолорун үөрэтэн, дьарыктанан сайдыах тустаахпыт.
Үлэм сыала:
Аныгы технологияны туһанан саха норуотун тɵрүт үгэстэрин билиһиннэрэр, оҕоҕо норуот кутун-сүрүн иҥэрэн ыллыыр-туойар, саҥарар, толорор дьоҕурун сайыннарар, оҕо тɵрɵɵбүт тылын, фольклорун билэрин ситиһэр уонна бэйэтин норуотун ытыктыыр, таптыыр, кининэн киэн туттарын ситиһэр соруктаах үлэлиибин.
Хас биирдии норуот бэйэтин үтүɵ үгэстэрин кɵлүɵнэттэн кɵлүɵнэҕэ тиэрдэн, дьон биһирэбилигэр таһааран истэҕинэ, биhиги саха омук быhыытынан тылбыт-ɵспүт симэлийиэ суоҕа диэн эрэллээхпин.
Оҕо айылҕаттан айдарыллыбыт, ɵбүгэлэриттэн удьуордаабыт дьоҕурун, талаанын таба тайанан сайыннаран саха киһитин сиэринэн киэҥ-холку дууһалаах, амарах сүрэхтээх, хомоҕой тыллаах, чэгиэн доруобуйалаах, сахалыы куттаах-сүрдээх, «Мин сахабын» диэн киэн туттар дьоһун дьону иитэн таһаарарга дьулуһабын.
Билиҥҥи кэмҥэ саха оҕолоро ийэ тылларын билбэккэ улаатан, бэйэлэрин сахалыы ɵйдɵрүн-санааларын, быһыыларын-майгыларын улам сүтэрэн эрэллэр. Норуот уус-уран айымньытыгар улахан суолтаны уурбаттар. Υксүн нууччалыы кинигэни ааҕаллар, тэлэбиисэринэн нууччалыы биэриилэри кɵрɵллɵр, нууччалыы сахалыы булкуйан саҥараллар. Ааспыт олохпут, улуу олоҥхоһуттарбыт, ɵбүгэлэрбит үгэстэрэ, сиэри-туому тутуһуу уостан, сүтэн эрэр. Ону саҥалыы тыын киллэрэн үйэтитии бу дьарык иһинэн ыытыллар.
Түһүмэхтэрэ:
Норуот тылынан уус-уран айымньыта фольклор дэнэр. Фольклор английскай тылтан үѳскээбит, «норуот муудараhа», «ɵйɵ» диэн суолталаах. Фольклору норуот уран тыллаахтара, ырыаһыттара, олоҥхоһуттара айаллар.
Тылынан уус-уран айымньы норуот ɵркɵн ɵйүн, сиэрин-майгытын күндү кылаата. Норуот былыр-былыргыттан уус-уран тылынан бэйэтин олоҕун, үчүгэйгэ, кэрэҕэ тардыһыытын, туохха сүгүрүйэрин, бэйэтин чулуу дьоннорун эбэтэр сиэрэ суох быһыылаах дьон туһунан айан, уос номоҕо оҥорон кэпсиир. Саха норуота баай, бэргэн тыл кɵмɵтүнэн ырыалары, таабырыннары, остуоруйалары, ɵс хоһооннору, олоҥхолору айбыт. Бу айымньылары бастаан биирдии киhи айар, ыллыыр, остуоруйалыыр, олонхолуур, кэпсиир. Ону уоска түhэрэн ылан, атыттар үтүктэн, бэйэлэрэ себүлүүллэринэн эбэн, кѳҕүрэтэн атыттарга кэпсииллэр, ыллыыллар, туойаллар. Ити курдук тылынан уус-уран айымньы киhиттэн киhиэхэ, үйэттэн үйэҕэ бэриллэн иhэр. Ол сылдьан уларыйар-тэлэрийэр, чочуллар, оҥоһуллар, кэлин бүтүн норуот айымньыта буолан тупсан тахсар.
Норуот дьоҕура арааhын, үгүhүн курдук кини тылынан уус-уран айымньытын эгэлгэтэ эмиэ элбэх. Кинилэри, ис хоhооннорунан, уус-уран уратыларынан наардаан, кѳрүҥнэргэ араарабыт. Саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын сүрүн керүҥнэринэн: ырыалар, тойуктар, таабырыннар, ɵс хоһоонноро, чабырҕахтар, сэhэннэр, номохтор, остуоруйалар, олоҥхолор буолаллар.
Саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын саамай бɵдɵҥ кѳрүҥэ олоҥхо буолар. Бухатыырдар дьоруойдуу охсуһууларын хоһоонунан хоһуйан кѳрдѳрѳр эпическэй (сэhэргиир) айымньыны олоҥхо диэн ааттыыбыт.
Олоҥхо бар дьон уйгулаах олоҕун туһугар ханнык да ыарахаттартан, күчүмэҕэйдэртэн толлубакка хорсуннук охсуһарга ыҥырар. Норуот үйэ-саас тухары эйэҕэ, дьолго баҕарбытын уус-уран тыл күүһүнэн уос номоҕо оҥостон, олоҥхоҕо кэпсиир. Олоҥхо дьоҥҥо-норуокка үтүɵ быһыы, сиэр-майгы үɵскүү, үүнэ, барҕара турарын сɵпкɵ ɵйдүүргэ, ону бастыҥ үгэс оҥосторго ыҥырар, уһуйар, үɵрэтэр.
Фольклору оскуолаҕа үɵрэтэр тоҕо нааданый? 21-с үйэ – синтез үйэтэ. Илиҥҥи уонна арҕааҥҥы култууралар синтезтэрэ ситимнээхтик саҕаламмытын ЮНЕСКО олоҥхону аан дойду таһымнаах сыаннаһынан билиммитэ кɵрдɵрɵр. Биллэрин курдук, наука араас салааларын синтезтэрэ бара турар. Ону таһынан, уйулҕа уонна ɵй синтеһэ хас биирдии киһи тус эйгэтигэр барыахтааҕын дьон ɵйдɵɵтɵ. Итинэн сибээстээн, тɵрɵɵбүт тылы, култуураны, устуоруйаны билии суолтата олус улаатта. Тоҕо диэтэххэ, тɵрɵɵбүт эйгэтин ити таһымнарын баһылаабыт, иҥэриммит эрэ киһи атын омуктар тылларын биллэҕинэ, толору ылынар, түмэр кыахтанар.
Билиҥҥи саха уонна нуучча эйгэлэригэр эрэ буолбакка илиҥҥи уонна арҕааҥҥы тыллары эбии баһылаатахпытына, кэлэр кɵлүɵнэлэр синтеһи ɵссɵ дириҥник сайыннарыахтара. Оччоҕо тɵрɵɵбүт норуоттарын сүтэртэн-эһэртэн быыһыыр суолу тобулуохтара.
Оттон онно быйаҥнаах ɵҥ буорунан ийэ тылбыт, тɵрүт култуурабыт, бэйэбит устуоруйабыт буолар. Ити үс туһаайыыны ɵбүгэлэрбит фольклорга түмпүттэрэ. Ол иһин фольклор суолтата улаатарын ɵйдүүр кэммит кэллэ.
Фольклор киэҥ диэлин саха оҕотугар арыйар үлэ сыыйа олоххо киирэрэ буоллар, норуот талаана аһыллыа, ɵйɵ санаата чэбдигириэ, айар, чинчийэр дьоҕура биллэрдик күүһүрүɵ этэ. Кэнэҕэскитин кэнэҕэс төрүттэрбит суруктаахтара эбитэ үһү диэн уос номоҕун курдук эрэ хаалбакка, фольклор тыыннанан, сайдан норуоппут аатын ааттата, кини киһилии сиэрин-майгытын бигэргэтэ туруо.
Ханнык баҕар этнос, сир үрдүгэр араас эргимтэҕэ олорор буолан, сайдыытын таһыма тɵрɵɵбүт эйгэтиттэн ыйаахтаах. Ол иһин омуктар олохторо-дьаһахтара уратылардаах, быһыылара-таһаалара араас кɵрүҥнээх, саҥарар тыллара атын-атын. Тɵрүт култуурабыт сайдыытыттан бүттүүн саха омук кэлэр кэскилэ тутулуктаах. Саха фольклора түҥ былыргыттан киһи ɵйɵ-санаата сайдыытын түстүүргэ, дьоҕурун уһугуннарыыга, айылгытын байытыыга сүрүн суолталаах. Уос номоҕун көрүҥнэрэ: олоҥхо, ырыа, тойук, сэһэн, остуоруйа, түһүлгэ ырыата, ɵс хоһоонноро, чабырҕахтар, таабырыннар уо.д.а баай ис хоһоонноох буоланнар иитэр-үɵрэтэр күүстэрэ улахан.
Дьэ онон саха фольклорун барҕа баай тыыныгар, умсугутар улуу күүһүгэр оҕону кыра эрдэҕиттэн угуйуу, уһуйуу, абылааһын бу дьарык сүрүн сыала буолар. Атын омук бэйэтин норуотун ырыатын, тойугун билбэт киһини туора кɵрɵрɵ саарбаҕа суох. Онтон биhиги саха омуга атын омуктартан олох ураты кѳрүҥнэри баһылыыбыт. Саха фольклорун сэҥээрэр норуот элбэх.
Оҕо кыра сааһыгар бэйэтин омугар, тулалыыр эйгэҕэ сыһыаныгар «остуоруйа-үһүйээн» таһымыгар сылдьар уонна бу кэмҥэ ордук улахан дьоннуун сэһэргэһэн ону-маны билэр, долоҕойугар хатыыр ураты улгум кэмэ буолан, кини генетическэй ɵйɵ-санаата түргэнник уһуктар уонна фольклор тылын-ɵһүн, этэр күүһүн олус бэркэ ылынар. Ол иһин сүрүннээн кыра саастаах оҕолортон үлэбин саҕалаабытым.
Куруһуокка фольклор араас жанрдарын оҕо ɵйдүүрүгэр дьүɵрэлээн, кыаҕын учуоттаан, сааһыгар сɵп түбэһиннэрэн билиһиннэрэргэ, иһитиннэрэргэ уонна үөрэтэргэ диэн аттарылынна. Ол курдук бастакы сылга остуоруйа, таабырын, норуот ырыата киирдэ, иккис сылга чабырҕах, олоҥхо, оһуокай эбиллэн биэрэр, онон фольклору билиһиннэрии уустугурар, дириҥиир.
Бастаан оҕолору дьарыктыыр олус ыарахан этэ. Урукку ырыалар тыллара аныгы ырыаларга холоотоххо олус уустук буолан, оҕо ылынарыгар ыарахан. Маҥнай норуот ырыаларыттан саҕалаабыппыт. Оҕо кыра эрдэҕиттэн тыас-уус таһаарарын олус сɵбүлүүр. Ол иһин аан маҥнайгыттан боростуой саха үстүрүөмүөннэрин кɵмɵтүнэн, ырыаларыгар доҕуһуоллаан ыллыыр этилэр. Кэлин сыыйа-баайа ылынан, билигин олус умсугуйан дьарыктаналлар. Саха үстүрүмүөннэригэр оонньуу-оонньуу ыллыылларын туохтааҕар да ордороллор.
Бу куруһуокка оҕолор эстетическэй хайысхалаах үлэнэн дьоҕурдарын, талааннарын сайыннарыы барар.
Уһуйар ньымалар:
— Кɵрдɵрүү – норуот уус-уран айымньытыгар сыһыаннаах ойуу бичик, араас оҥоһук, туттар тэрил барыта кɵрдɵрүүгэ турар,
— Алтыһыы – ɵбүгэ үгэһин сүрүн ɵйүн-санаатын, тылын-ɵһүн, ырыатын-тойугун кытта алтыһыы,
— Уһуйуу – киһи бэйэтин айылгытын уратытын билэ улаатарыгар кэтээн кɵрүү кɵмɵлɵһɵр. Уһуйуу 4 хайысханан сайдар: ɵйгɵ-санааҕа, кэрэҕэ, дьоҕурга, идэҕэ, эти-хааны эрчийиигэ,
— Такайыы – толкуйу тобуларга, дьоҕуру үɵскэтэргэ такыйыы кɵдьүүстээх,
— Сайыннарыы – оҕо айылҕаттан бэриллибит талаанын, ɵйдүүр дьоҕурун сайыннаран, истибитин иҥэринэр, ɵйүгэр тутар, хатыыр, толкуйун кэтээн кɵрүү.
Иитии-үөрэтии кɵдьүүстээх буоларын туһугар маннык сүрүн ирдэбиллэр тураллар:
Саҥаттан саҥа кѳрүҥнэри (жанрдары) үɵрэтэбит. Олоҥхо, оһуокай, норуот ырыалара, тойук. Билигин тойуктуурга үɵрэнэ сылдьабыт. Тойук диэн норуот ырыатын туспа кѳрүҥэ. Кини кээмэйинэн да, толоруллуутунан да ырыаттан ураты, олоҥхоҕо маарыҥныыр. ϴссɵ кылыһахпытын таһаарарга дьарыктанабыт. Олоҥхо жанра олус ыарахан, олоҥхо олуктарын ырытыыга холоннубут. Олоҥхо саха оҕотугар тɵрɵɵбүт норуотун мындырдааһын, сиэрдээх билиилэрин, үтүɵ майгытын, кэрэ, иһирэх иэйиитин иҥэрэр аналлааҕын ɵйдɵɵн, дьаныардаах үлэни саҕалыыр ирдэнэр.
Оҕону чабырҕахтыырга үɵрэтэргэ бу маннык ньымалары туһанабын:
— ТСО: араас устуулары истии,
— Араас кɵрдɵрɵр матырыйааллар,
— Оонньуу («Олоҥхо дьоруойдара» куубиктар, «Олоҥхо дойдуларын кытары билсиһии», «Эрчимэн Бэргэн мүччүргэннээх сырыылара», уо.д.а.)
— Ойуулуур-дьүһүннүүр хайысха: уруһуйдатыы, сыһыарыы,
— Ааҕыы: уустук тыллары быһаарыы, ɵйдɵтүү, саҥарарга үɵрэтии,
— Муусуканан доҕуһуоллатан хамсаныы,
— Таба тыыныы,
— Айылҕа тыаһын-ууһун үтүктүү,
— Олонхо тойуктарын үɵрэтии.
Билигин «Дьурулуйар Ньургун Боотур» олоҥхоҕо би-ба-бо куукулалары оҥорорго былааннана сылдьабыт.
«Кɵлүкэчээн» ансаамбыл ситиһиитэ, кыра да буоллар, барыбытын үɵрдэр. «Бриллиантовые нотки», «Таланты земли Олоҥхо» 1-кы үрдэл, 2-с үрдэл, 3-с үрдэл, 1-кы, 2-с истиэпэннээх дипломунан, улуустааҕы «Чоргуй, чобуо чабырҕах!», «Хотугу сулус», «Ыллаа-туой, уол оҕо!» өрөспүүбүлүкэтээҕи, норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэргэ ситиһиилэрбит үɵрдэллэр. Ону кытта үɵрэнээччилэрим улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар оһуокай күрэҕэр кыттан бастакы, иккис миэстэлэрдээхтэр.
«Көлүкэчээн» куруһуокка дьарыктанар буолан, оҕолор саха норуотун тѳрүт култууратын ѳйдүүргэ үѳрэнэллэр, ис кыахтара арыллар, сахалыы сайаҕас тылы үѳрэтэллэр. Норуотун уус-уран айымньытын ытыктыыр, киэн туттар, салгыы сайыннарар киһи буола үүнэн тахсар. Тɵрɵɵбүт тылынан чуолкайдык санаатын сааһылаан саҥарар, айылҕаттан бэриллибит талаанын сайыннарар. Дьону-сэргэни кытары үлэлии үɵрэнэр. Мин санаабар, тыа сирин оскуолатыгар үɵрэнэр оҕо киэҥ сиртэн уратыта суох тула ɵттүнэн сайдыылаах буолуохтаах. Онон мин бу дьарыктарбын сѳпкѳ талбыппын диэн үѳрэбин.
Лена ЖИРКОВА,
Уһун Күөл орто оскуолатын төрүт култуураҕа учуутала, фольклор куруһуогун салайааччыта.
Уус Алдан
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…