Норуот уус-уран оҥоһугун быыстапката маастардары түмэр
Бүгүн А. Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи XIV «Якутия мастеровая» быыстапка-дьаарбаҥка аһылынна.
Норуот уус-уран оҥоһугун көмүс тарбахтаах маастардарын үлэлэрэ сылтан сыл аайы тупсан, ис хоһооно байытыллан иһэр.
Биллэн турар, өбүгэ саҕаттан саха дьоно дьиэ кэргэнинэн ииһинэн, мас, тимир оҥоһуктарынан дьарыктанар буоллахтара.
Онон быйыл Дьиэ кэргэн сылыгар ыраахтан-чугастан анаан тэринэн кэлбит саха ыаллара сулустаах чаастара умайда.
Тэрийээччилэр бэлиэтииллэринэн, быйыл өрөспүүбүлүкэ 30 улууһуттан 20-тэн тахса уус-уран оҥоһугунан дьарыктанар айар тэрилтэлэр, биирдиилээн маастардар – барыта 700-тэн тахса киһи кыттыыны ылла.
Быыстапкаҕа таба тириититтэн саҕалаан, мастан, тимиртэн, оҕуруоттан, туостан, таҥастан кыбытык оҥоһукка тиийэ үлэ баар.
— Норуот уус-уран оҥоһугар 2033 сылга тиийэ анал тосхол ылыллыбыт буолан, Ил Дархаммыт уонна СӨ Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтэ сүҥкэн өйөбүлү оҥорор буолан, биһиги үс хайысханан утумнаах үлэни ыытабыт. Ол курдук, “Төрүт үгэс”, «Инновация» уонна «Креативнай индустрия» курдук сонун сүүрээннэри сайыннарыыга 5000 кэриҥэ үлэлэһэр. Кинилэртэн 1000 киһи кэриҥэ норуот уус-уран оҥоһугун маастара. 429 киһи – “СӨ норуот маастара” бочуоттаах ааты сүгэр.
Норуот уус-уран оҥоһугун сайыннарыы сылтан сыл аайы тупсан, дьон санаата кэлэн, маастар үлэтин арааһа элбии турарын холобура – Өксөкүлээхпит аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ толору киһинэн туолуута буолар, — диэн санаатын үллэһиннэ “Норуот маастара” күнэ бэлиэтэниитин көҕүлээччилэртэн биирдэстэрэ, “Якутия мастеровая” быыстапканы тэрийээччи, саха национальнай таҥаһын кэтэн сэлэлээн хаамыыны төрүттээбит «Симэх» галерея салайааччыта, уопсастыбаннай диэйэтэл, РФ уонна СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Яна Игнатьева.
Маны таһынан, Кэбээйи Сэбээнигэр таба сарыытыттан араас сиэдэрэй таҥаһы тигэллэр эбит.
Бу курдук киһм сөҕөр үлэтэ үгүс. Быыстапканы көтүтүмэҥ, хайаан да баран көрүҥ, билсиҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: