Норуот уус-уран оҥоһугун быыстапката маастардары түмэр

Share

Бүгүн А. Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи XIV «Якутия мастеровая» быыстапка-дьаарбаҥка аһылынна.

Норуот уус-уран оҥоһугун көмүс тарбахтаах маастардарын үлэлэрэ сылтан сыл аайы тупсан, ис хоһооно байытыллан иһэр.

Биллэн турар, өбүгэ саҕаттан саха дьоно дьиэ кэргэнинэн ииһинэн, мас, тимир оҥоһуктарынан  дьарыктанар буоллахтара.

Онон быйыл Дьиэ кэргэн сылыгар ыраахтан-чугастан анаан тэринэн кэлбит саха ыаллара сулустаах чаастара умайда.

Тэрийээччилэр бэлиэтииллэринэн, быйыл өрөспүүбүлүкэ 30 улууһуттан 20-тэн тахса уус-уран оҥоһугунан дьарыктанар айар тэрилтэлэр, биирдиилээн маастардар – барыта 700-тэн тахса киһи кыттыыны ылла.

Быыстапкаҕа таба тириититтэн саҕалаан, мастан, тимиртэн, оҕуруоттан, туостан, таҥастан кыбытык оҥоһукка тиийэ үлэ баар.

Норуот уус-уран оҥоһугар 2033 сылга тиийэ анал тосхол ылыллыбыт буолан, Ил Дархаммыт уонна СӨ Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтэ сүҥкэн өйөбүлү оҥорор буолан, биһиги үс хайысханан утумнаах үлэни ыытабыт. Ол курдук, “Төрүт үгэс”, «Инновация» уонна «Креативнай индустрия» курдук сонун сүүрээннэри сайыннарыыга 5000 кэриҥэ үлэлэһэр. Кинилэртэн 1000 киһи кэриҥэ норуот уус-уран оҥоһугун маастара. 429 киһи – “СӨ норуот маастара” бочуоттаах ааты сүгэр.

Норуот уус-уран оҥоһугун сайыннарыы сылтан сыл аайы тупсан, дьон санаата кэлэн, маастар үлэтин арааһа элбии турарын холобура – Өксөкүлээхпит аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ толору киһинэн туолуута буолар, — диэн санаатын үллэһиннэ “Норуот маастара” күнэ бэлиэтэниитин көҕүлээччилэртэн биирдэстэрэ, “Якутия мастеровая” быыстапканы тэрийээччи, саха национальнай таҥаһын кэтэн сэлэлээн хаамыыны төрүттээбит «Симэх» галерея салайааччыта, уопсастыбаннай диэйэтэл,  РФ уонна СӨ култууратын  үтүөлээх үлэһитэ Яна Игнатьева.

Маны таһынан, Кэбээйи Сэбээнигэр таба сарыытыттан араас сиэдэрэй таҥаһы тигэллэр эбит.

Бу курдук киһм сөҕөр үлэтэ үгүс. Быыстапканы көтүтүмэҥ, хайаан да баран көрүҥ, билсиҥ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

13 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

14 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

14 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

14 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

14 часов ago