Норуот үгэһин харыстааһын уонна сөргүтүү — ийэлэр илиилэригэр
24.10.2022, 16:30
Бөлөххө киир:
А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр «Норуот үгэһин харыстааһын уонна сөргүтүү — ийэлэр илиилэригэр” диэн омуктар икки ардыларынааҕы дьахталлар I пуорумнара буолла.
Тэрээһин СӨ Ийэ сылынан ыытылынна. Саха АССР үбүлүөйдээх 100 сылыгар пуорумҥа 100 дьахтар дэлэгээтинэн талыллан сырытта.
Далааһыннаах тэрээһин кыттыылаахтарыгар СӨ Тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар миниистири солбуйааччы Сергей Хатылыков, А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин генеральнай дириэктэрэ Антонида Корякина, СӨ норуоттарын Ассамблеятын бэрэссэдээтэлэ Александр Подголов эҕэрдэлэрин тиэртилэр.
Пуорум пленарнай чааһыгар Саха сиригэр олорор норуоттар сиэрдэрин, үгэстэрин, тылларын-өстөрүн харыстааһыҥҥа дьахтар, ийэ оруолун туһунан аһаҕас кэпсэтии ыытылынна.
Үөрүүлээх тэрээһин иитинэн элбэх оҕолоох ийэлэри чиэстээтилэр, «Норуоттар ийэ туһунан ыллыыллар» кэнсиэр, төрүт астар быыстапкалара буолла.
А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын пресс-сулууспата
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: