Салгыы
Норуоттар Доҕордоһууларын дьиэтигэр «Слава защитникам Отечества» миитин-кэнсиэр буолла

Норуоттар Доҕордоһууларын дьиэтигэр «Слава защитникам Отечества» миитин-кэнсиэр буолла

Ааптар:
22.02.2023, 21:18
миитин кэнсиэр
миитин кэнсиэр
Мария Васильева СИА
Бөлөххө киир:

Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр анаан Дьокуускайга Кулаковскай аатынан Норуоттар Доҕордоһууларын дьиэтигэр «Слава защитникам Отечества» диэн ааттаммыт миитин-кэнсиэр буолан ааста. Кэнсиэр иннинэ мустубут ыалдьыттарга анаан Саха сирин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко тыл эттэ:

“Аҕа дойду көмүскээччитин күнүнэн эр киһилии туттунуу, хоодуот быһыы, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу бырааһынньыгынан барыгытын эҕэрдэлиибин. Бүгүн бары манна байыаннай дьайыы маҥнайгы күннэриттэн дойдубут саҥа сирдэригэр олорор дьон эйэлээх олохторун көмүскүү сылдьар биһиги байыаннайдарбытын өйөөрү муһуннубут”, — диэн туран  суох буолбут  буойуттары кэриэстээн саҥата суох турарга ыҥырда.

Тарасенко байыаннай эппэрээссийэ кыттыылаахтарыгар, кинилэргэ көмөлөһөр Саха сирин олохтоохторугар махтал тыллары эттэ.

“Боотур” Саха сирин доброволецтарын этэрээтин хамандыыра Александр Колесов бииргэ сулууспалыыр бойобуой табаарыстарынан киэн туттарын туһунан эттэ, кинилэр дьоруойдуу быһыылара үйэлэргэ умнуллубатыгар эрэлин биллэрдэ.

Кэнсиэри көрө эппэрээссийэ ыытыллар сириттэн уоппускаҕа кэлбит байыастар кэлбиттэр. “Маннык тэрээһин мунньуллубут күүрүүттэн босхолонорго олуһун көмөлөһөр, эйэлээх олох тэтимигэр чугаһатар”, — диир байыастартан биирдэстэрэ.

Кэнсиэр ыалдьыттарын болҕомтотугар “Дьоруойдар уонна хорсун быһыы холобурдара” диэн Арассыыйа байыаннай-историческай уопсастыбата бэлэмнээбит быыстапка тэриллибит. Бу быыстапкаҕа «Арассыыйа — мин устуоруйам» устуоруйа пааркатыгар олунньу 22-25 күннэригэр ыалдьыттыахха сөп.

Хаартыска: Мария Васильева, СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -29°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: