Норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр бастыҥ байыастары чиэстээтилэр

Share

Бүгүн Норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр, Фашизмы утары II пуорум чэрчитинэн П.А.Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар Норуот сомоҕолоһуутун күнүн тэрээһинэ буолан ааста.

Үөрүүлээх тэрээһин аһыллыытыгар СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков бүгүҥҥү Норуот сомоҕолооһутун күнэ олус улахан суолталааҕын, ону биһиги бары өйдүөхтээхпитин бэлиэтээтэ.

«Бүгүҥҥү Норуот сомоҕолоһуутун күнэ Арассыыйаҕа олус улахан суолталаах. Билигин дойдуга буола турар балаһыанньа барыбытын долгутар. Биһиги байыастарбыт анал байыаннай дьайыыга Аҕа дойдуларын чиэстээхтик көмүскүү сылдьаллар. Тыылга өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо улахан көмөнү оҥороллор», — диэтэ Кирилл Бычков.

Илиҥҥи байыаннай уокурук хамандыырын байыаннай-бэлитиичэскэй үлэҕэ солбуйааччы, байыаннай-бэлитиичэскэй управление салайааччыта, генерал-лейтенант Роман Греков өрөспүүбүлүкэ дойдуга бастакынан көҕүлээбит Фашизмы утары иккис пуорума үүнэр көлүөнэҕэ олус улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ.

Хаартыска: Андрей Сорокина, СИА

«Илиҥҥи байыаннай уокурук командованиетын аатыттан бүгүҥҥү Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн эҕэрдэлиибин. Саха сириттэн 8000-тан тахса киһи анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар. Балартан 9 киһи Арассыыйа Дьоруойа үрдүк ааты ыллылар. Саха сирин олохтоохторо, боростуой дьон, ийэлэр, кэргэттэр байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга таҥас тигэллэр, гуманитарнай көмө оҥороллор. Бэҕэһээ үтүө санаалаах иистэнньэҥ волонтердарга тиийэ сылдьан хайдах үлэлииллэрин көрдүм. Саха сирэ байыаннай дьайыыга да, тыылга да улахан көмөнү, дьыаланы оҥорор. Бүгүн биһиги бу кэлбит байыастарга Оборуона министиэристибэтин саамай үрдүк наҕараадатын туттарабыт», — диэн эттэ Роман Греков.

«Мин дагестанецпын, чечеммин, ингушпун, мордвиммын,татариммын, нууччабын диэн дойдубут Бэрэсидьиэнин этиитэ биһиги элбэх национальностаах күүстэх дойду буоларбытын бигэргэтэр. Бүгүн наҕараада туттарыыта биһиги өбүгэлэрбит хорсун быһыыларын туоһута буолар. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр биһиги өбүгэлэрбит эмиэ хорсун-хоодуот быһыыны көрдөрөн кыайбыттара. СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ыччат дьыаларарыгар министиэристибэ аатыттан Норуот сомоҕолооһутун күнүнэн эҕэрдэлиибин», — диэтэ СӨ Ыччат дьыалатыгар миниистир э.т., Арассыыйа Дьоруойа Игорь Юргин.

Тэрээһиҥҥэ Саха сириттэн анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар бастыҥ байыастары чиэстээтилэр, Оборуона министиэристибэтин үрдүкү наҕараадаларын туттардылар. Фашизмы утары пуорум чэрчитинэн ыытыллар тэрээһиннэргэ анаан-минээн байыаннай уокуруктан 25 байыас кэлэн кытта сылдьар.

Бу киэһэ «Мы есть мы» байыаннай вокальнай-инструментальнай ансаамбыл кэнсиэртээтэ. Хотугулуу-илиҥҥи байыаннай уокурук ансаамбылын кэнсиэрдин саха дьоно сэргээн көрдө. Хас биирдии ырыа күүстээх дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланна.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өлөөн оройуонун урбаанньыттара байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар гуманитарнай көмөнү тиэртилэр

“Мин биисинэһим” киин байыаннай дьайыыга кыттар биир дойдулаахтарыгар гуманитарнай көмөнү оҥорорго Өлөөн оройуонун урбаанньыттарын үбү…

8 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

«Абыралга» хантараагынан сулууспалыы барыан баҕарааччылары күүтэллэр

[gallery ids="49309,49310,49307,49308"]

38 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Өймөкөөҥҥө эр киһини эчэтэн өлөрдүлэр

Саха сиригэр суукка иһигэр биэс буруйу оҥоруу буолла диэн СӨ борокуратуурата иһитиннэрэр. Өймөкөөн улууһугар 1974…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Павел Трофимов: “Кэлии эт буолбатах”

Кыстыкка киириинэн хас ыал ахсын сыл тахсар этинэн хааччыныы кыһалҕата турда. Этэ суох, атыылаһан олорор…

2 часа ago
  • Быһылаан

2023 с.т. оҕо паарынан үрэр өтүүккэ буста

Дьокуускайга Ожоговой салааҕа уол оҕо итиигэ буһан киирдэ. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. Ильин түөлбэтиттэн…

2 часа ago
  • Сонуннар

Сэтинньи 15 күнүттэн Звезднай түөлбэтигэр оптуобустар сылдьыахтара

Сэтинньи 15 күнүттэн Дьокуускай куорат Звезднай түөлбэтигэр бастакы оптуобустар сылдьан саҕалыахтара. Бу туһунан бүгүн, сэтинньи…

3 часа ago