Салгыы
Норуотун үрдэппит суруйааччы Даланы ахтан-санаан аастылар

Норуотун үрдэппит суруйааччы Даланы ахтан-санаан аастылар

09.04.2023, 18:59
Хаартыска: Литература мусуойун пресс-киинэ
Бөлөххө киир:

Муус устар 7 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан литература мусуойа уонна Чурапчы улууһун  Кытаанах нэһилиэгин дьаһалтата “Норуотун үрдэппит суруйааччы” диэн  өйдөбүнньүк биэчэри тэрийдилэр.

Саха сирин норуодунай суруйааччыта, прозаик, драматург, публицист, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, педагогика наукатын хандьыдаата, учуутал, уһуйааччы Василий Семенович Яковлев-Далан төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах литература биэчэрэ иккис этээскэ  “Дьылҕам миэнэ” анал быыстапканан аһылынна. Быыстапкаҕа литература мусуойун  пуондатыттан  уонна суруйааччы архыыбыттан ылыллыбыт  илиинэн суруйуулар, экспонаттар үгүстэрэ дьон көрүүтүгэр  аан бастаан таһаарылыннылар. Быыстапканы мусуой исписэлииһэ  Ньургуйаана Халгаева билиһиннэрдэ. Суруйааччы сиэнэ,  Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия 9 “б” кылааһын үөрэнээччитэ Коля Сантаев хос эһээтэ, САССР үтүөлээх учуутала Виктор Семенович Алехин туһунан кинигэни мусуойга  бэлэхтээтэ. Сонун быыстапканы бэс ыйыгар диэри кэлэн көрүөххэ сөп.

Быыстапка кэнниттэн бары бастакы этээскэ түһэн, Кытаанах нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ бэлэмнээбит толору астаах остуолларыгар олорбуттарын кэннэ  литература мусуойун дириэктэрин солбуйааччы, биэчэри көҕүлээччи  Линда Николаевна Иванова сэргэх кэпсэтиини саҕалаата.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ сенатор, Василий Семенович үөрэнээччитэ Егор Борисов, суруйааччы кыыһа Лолита Яковлева, аймах дьоно, суруйааччылар, учуонайдар, литератураны сэҥээрээччилэр, киинэ исписэлиистэрэ, Кытаанах дьаһалтатыттан уонна В.С.Яковлев-Далан аатынан Кытаанах орто оскуолатыттан уо.д.а. кэлбиттэр.

Василий Яковлев саха норуотун өйүн-санаатын уус-уран литератураҕа  сатабыллаахтык биэрбит,  тоталитарнай эрэсиим содулларын саха литературатыгар бастакынан сырдаппыт уонна устуоруйа жанрын төрүттээбит, Саха сирин былыргы устуоруйатын уус-уран уобарастарынан тириэрдибит суруйааччынан  буолар.  Литературовед, филология наукатын  дуоктара Дора Васильева  Далан айар үлэтин сүнньүнэн икки суолга: билиҥҥи кэмҥэ уонна Саха сирин ааспыт олоҕор, былыргы устуоруйатыгар араарыахха сөбүн туһунан суруйан хаалларбыта.

Онтон саха норуодунай бэйиэтэ Савва Тарасов: «Кырдьыга даҕаны,  Далан саха уус-уран литературатын модун бухатыырдарыттан биирдэстэрэ  буолбатаҕа этэ дуо?!” – диэн сөҕө-махтайа эппиттээҕэ.

Далан төрөөбүт литература туһа диэн  сүүрбэччэ сыл таһаарыылаахтык, талааннаахтык үлэлээн, айан тутан ааспыта. Кини айымньылара «Дьикти саастан» саҕалаан,  “Доҕоруом дабай күөх сыырдаргын”, “Тулаайах оҕо”,  “Тыгын Дархан” саха литературатын чыпчаалларынан буолбуттара.

Чурапчы орто оскуолатын 1971 сыллаахха бүтэрбит,  2010–2014 сс. Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ Егор Афанасьевич Борисов учуутала Василий Семенович   ыччаттарга араас элбэх идэ баарын туһунан кэпсээн, сүбэлээн,  биир саастыылаахтара өссө очччотооҕуга хайа үлэһитэ, физик, химик уо.д.а. сэдэх  араас идэни баһылаан үлэлээн-хамсаан кэлбитттэрин туһунан кэпсээтэ. Егор Афанасьевич Даланы хас да өрүттээх хаачыстыбалааҕын бэлиэтээн туран,  олус  эппиэтинэстээх, кыһамньылаах учуутал,  уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэл, суруйааччы, патриот, саха интэллигиэнин быһыытынан сырдатта.

Саха норуотун  бүттүүн тапталын ылбыт суруйааччы туһунан ахта-саныы элбэх суруйааччы, ол иһигэр алта норуодунай суруйааччы (Николай Алексеевич Лугинов, Семен Андреевич Попов-Сэмэн Тумат, Павел Николаевич Харитонов-Ойуку, Василий Назарович Егоров-Тумарча,  Наталья Ивановна Харлампьева, Елена Васильевна Слепцова-Куорсуннаах) биир түһүлгэҕэ муһунна.

Саха норуодунай бэйиэтэ, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Наталья Ивановна Харлампьева:

«Василий Семенович эдэр сааһыгар  тус бэйэтин олоҕор да, айар үлэтигэр да  систиэмэ кыһарҕанын билбитэ… Кэлин Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев киниэхэ Б.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэни, онтон Саха сирин норуодунай суруйааччытын аатын иҥэрбитэ, “Доҕордоһуу” уордьаныгар түһэрбитэ. Бу өйөбүл барыта киниэхэ тирэх буолбута эбитэ дуу, суоҕа дуу? Ол гынан баран, билигин санаатахпына, норуотум сыаналаата диэн өйдөөбүтэ буолуо. Кини “Тыгын Дархан” арамаана  саха норуота бэйэтин бигэ тирэхтээх норуот быһыытынан сыаналанарыгар, дириҥ устуоруйалаах норуот буоларын өйдүүрүгэр олус элбэҕи биэрбитэ. Ол иннинэ туохпут да суох этэ буоллаҕа…”, — диэн  Далан 100 сааһын көрсө альбом таһаарыахтарын баҕаралларын, онно үп-харчы тиийбэтин туһунан эттэ. Наталья Ивановна бэлиэтээн эппитинэн, маннык альбомнар суруйааччылар Күннүк Уурастыырапка уонна Софрон Даниловка ананан тахсан тураллар. Ону сэргэ Тыгын Дархаҥҥа аналлаах пааматынньык да баар буолуон сөбүн санатан туран, норуодунай суруйааччы аатын үйэтитиигэ өссө да айымньылаахтык үлэлииргэ  ыҥырда.

Филология наукатын дуоктара, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет бэрэпиэссэрэ Прасковья Васильевна Сивцева “Далан саха литературатыгар саҥаны киллэриилэрэ”, филология наукатын хандьытаата Саргылаана Еремеевна Ноева-Карманова  “В.С. Яковлев-Далан арамааннарыгар айанньыт-дьоруой уобараһа”,  педагогика наукатын дуоктара, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-илиҥҥи федеральнай университет Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи омуктарын тылларын уонна култууратын институтун бэрэпиэссэрэ Евдокия Михайловна Поликарпова «В.С. Яковлев-Далан: учуутал, киһи быһыытынан” диэн ырытыылара, суруйааччы Алексей Амбросьев-Сиэн Мунду уо.д.а. атыттар ахтыыларын  олус сэҥээрэ иһиттилэр.

А.М. Горькай аатынан Литература институтун доцена, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Саха сирин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Аита Ефимовна Шапошникова Москва куораттан видеонан ахтыыта көһүннэ.  Ону сэргэ Национальнай бибилэтиэкэ  кинигэ пааматынньыктарыгар  киинин сэбиэдиссэйэ Айталина Семеновна Иванова, Национальнай архыыптан устуоруйа наукатын хандьытаата Елизавета Валерьевна  Саввина  Далан пуондатын уонна ону харайыы  туһунан кэпсээтилэр.Филология магистра, Дьокуускай куорат устуоруйатын тумэлин салайааччы Александр Павлович Ноговицын учуутал Виктор Алехин быыстапкатын туһунан билиһиннэрдэ.

Кинилэр —  Кытаанах чулуу дьонноро

Бу кырачаан сэлиэнньэ элбэх биллэр-көстөр дьону үөскэппитинэн биллэр. Кытаанахха Даланы кытары быйыл төрөөбүтэ 95 сыла бэлиэтэнэр биллиилээх живописец Афанасий Петрович Собакин, тустууга саха оскуолатын төрүттээччи Дмитрий Петрович Коркин (көрсүһүүгэ кини үөрэнээччитэ Павел Павлович Пинигин кытынна), оҕуруот үүннэрээччи Екатерина Иннокентьевна Новгородова,  психология наукатыгар саха дьахталларыттан бастакы дуоктар  Анастасия Петровна Оконешникова  күн  сирин көрбүттэрэ.

Далан туһунан ахтыы-биэчэри тэрийэргэ көмөлөспүт Кытаанах нэһилиэгин баһылыга Егор Николаевич Потапов бүгүҥҥү улахан тэрээһиҥҥэ  биэс сылы быһа бэлэмнэммиттэрин туһунан эттэ. Далан аатынан Кытаанах орто оскуолатын дириэктэрэ Вячеслав Михайлович Яковлев  талааннаах оҕолорун илдьэ кэлбит. Кытаанах орто оскуолатын онус кылааһын үөрэнээччитэ Күннэй Филатова Далан номоҕунан анимационнай буктрейлер-оҥоһугун билиһиннэрдэ. Карина Колодезникова “Үс саха өлбөт-сүппэт үктэллэрэ” диэн бырайыактаах.

Василий Яковлев үөрэнээччилэрэ, Чурапчы орто оскуолатын 16-с, 18-с выпустарыттан кэлбит ыалдьыттар ахтыылара оччотооҕу кэмҥэ Василий Семеновиһы учуутал, уһуйааччы быһыытынан киэҥник арыйдылар, махтанан аҕыннылар.

Кытаанах нэһилиэгин “Алаас” ырыа ансаамбыла Сардаана Окоемова тылларыгар уонна  матыыбыгар «Мин тапталлаах Килэнким» диэн ырыаны бэлэх уунна.

Бүгүҥҥү ахтыыларга  норуодунай суруйааччы Василий Яковлев-Далан литератураны эрэ буолбакка, бүтүн  норуотун үрдэппитэ тоһоҕолоон бэлиэтэннэ.  Онтон норуоттарын үрдэппиттэр — өлбөт-сүппэт аналлаахтар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: