Бүгүн саха биллиилээх суруйааччыта, бастакы литературнай кириитигэ, драматура, Платон Ойуунускайы кытта Саха сиригэр тылы, литератураны уонна култуураны үөрэтэр-чинчийэр институту тэрийсибит Н.М.Заболоцкай-Чысхаан төрөөбүтэ 115 үбүлүөйдээх сыла.
Бу суолталаах үбүлүөйгэ анаан Национальнай бибилэтиэкэ бүгүн «Чысхаан дьыктаана» диэн аахсыйаны тэрийэн ыытта.
Тэрийээччилэр маннык тэрээһин өрөспүүбүлүкэ бары оскуолаларыгар уонна бибилэтиэкэлэригэр ыытыллыбытын туһунан иһитиннэрдилэр.
Аахсыйаны РФ үтүөлээх учуутала, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ Учууталларын учууталлара, Өймөкөөн улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Н.М.Заболоцкай-Чысхаан аатынан Томтор орто оскуолатын кыраайы үөрэтэр литературнай түмэлин сэбиэдиссэйэ, Николай Заболоцкай-Чысхаан хаан аймаҕа Мария Боярова аста.
— Н.М.Заболоцкай саамай ааҕыллар суруйааччылартан биирдэстэрэ.
Дэлэҕэ да кини айымньыларын оскуола бырагыраамаларыгар киллэриэхтэрэ дуо? Николай Заболоцкай-Чысхаан төрөөбүт литература учебниктарын, методическай пособиеʌарын оҥорсубута, «Хотугу сулус» сурунаалга проза отделын салайбыта. Былаан быһыытынан, суруйааччы төрөөбүтэ 110 сылыгар кинигэ ананыахтааҕа.
Ол гынан баран, ол үлэ бэлэмнэнэн бүтэн эрдэҕинэ, мин уолум, биологическай наука кандидата, кыраайы үөрэтээччи Спиридон Слепцов архыыптан Н.М.Заболоцкай-Чысхаан төрөөбүт сыла 1907 буоларын туоһулуур хас да докумуону булбута. Быһа холоон, паспорт уларыйыытын саҕана тахсыбыт алҕас диэн быһаарбыппыт. Инники өттүгэр суруйааччы олоҕун, үлэтин чинчийээччилэр саҥа көстүбүт датаны болҕомтоҕо ылыахтара диэн эрэнэбит, — диэн санаатын тиэртэ Мария Поликарповна.
Дьыктаан тест курдук оҥоһуллубут. Онно сөптөөх эппиэти булан суруйуохтааххын.
Тэрээһиҥҥэ кыттыбыт дьон аахсыйаҕа кыттыбыттарыгар сэртипикээттэри туттардылар.
Ити курдук, саха суруйааччыта Николай Заболоцкай-Чысхааҥҥа анаммыт күн бэрт интэриэһинэй көрүҥүнэн — дьыктаан суруйар аахсыйанан бэлиэтэннэ.
Кэлиҥҥи сылларга ахсынньы биллэ сылаас буолбутун бары бэлиэтии көрөбүт. Сороҕор ол сылыйбытын мэлдьэһэр курдук кулун…
Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ күһүн кэлэр сыллааҕы уоппуска кыраапыгын оҥороллор. Дойду Бырабыыталыстыбата кэлэр сыллааҕы үлэ күнүн…
Бэҕэһээ, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускай куоракка олорор «Ыаллыылар» бөлөҕү Сунтаар улууһун араас нэһилиэктэриттэн төрүттээх, Хатас…
Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тэлэбиидэнньэтигэр бээтинсэ аайы көрөөччүнү аралдьытар, киһини сынньатар, уоскутар, сэргэхситэр айылгылаах “Уонна...” биэрии…
Билигин электрогенерация биэс улахан эбийиэгэ тутуллар диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Бу Ленскэйгэ тутулла…
Илин эҥэрдээҕи диализнай киин арыллыытын былааннаатыбыт диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов иһитиннэрдэ. -…