Ньукуолун күҥҥэ Эдьиий Дора уонна Мандар Уус сүбэлэрэ

Ньукуолун күҥҥэ Эдьиий Дора уонна Мандар Уус сүбэлэрэ

Ааптар:
21.05.2024, 16:15
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Ыам ыйын 22 күнэ – Ньукуолун таҥара күнэ. Православнай култуураҕа сибэтиэй Николай Вешний (Чудотворец, Угодник) таҥара күнүн бэлиэтииллэр. Сахаларга бу күн — сайыны көрсөр бырааһынньык. Бүгүн хас ыал аайы алаадьы минньигэс сыта тунуйар, саламаат сырдьыгыныыр, кус миинэ буһар, үгүстэр айылҕаҕа тахсан сынньаммыт буолуохтаахтар. Ньукуолуҥҥа туох үгэстэр баалларын туһунан суруйдубут. 

Эдьиий Дора бу күн сиэри-туому тутуһарга, Эбэни аһатарга сүбэлиир:

“Ньукуолун күн өбүгэ саҕаттан алаадьы буһаран Эбэҕэ уураллар, салама ыйыыллар. Билигин дьон-сэргэ бары үөрэ-көтө бииргэ түмсэн, айылҕаҕа сылдьан, чэпчэкитик олорон чэйдиир кэмнэрэ. Манныкка сылдьааччылар уоттан-күөстэн сэрэхтээх буолуҥ, кыракый оҕону тыаҕа илдьэ барымаҥ диэн сүбэлиибин. Айан-суол араас буолар, сиэргэ-туомҥа оҕону илдьэ сылдьан иһэр-аһыыр, айдаарар-куйдаарар аньыы уонна… сиэргэ да баппат. Оттон бэрээдэктээхтик сылдьар буоллахха – ол туһа туспа”.

Эбэ мууһа ыраастаммытын кэннэ, ыам ыйын 22-24 күннэригэр күнүс 2 чааска диэри киирэн аһаталлар.

Күөл, өрүс кытылыгар киирэн, арыылаах алаадьы ууруллар. Алаадьыны анаан буһарыллар, мантан биири да ылан сиэниллибэт. Ортотугар ынах арыытын томточчу ууран баран, алаадьыны күн хаамыытын батыһа төгүрүччү уураллар. Тугу да саҥарыллыбат, арай эбэ диэки хайыһан, искэр саныаххын, көрдөһүөххүн сөп. Ыт-кус, суор-тураах сииригэр кыһаллыа суохтааххын.

Оттон Мандар Уус бу курдук сэһэргиир:

«Ньукуолун» диэн тыл сахаларга христианство киирбитин кэннэ үөскээбит. Ол эрээри сахаларга былыр-былыргыттан кыыдааннаах кыһыны туораан сааһы көрсөллөрө улахан үөрүү, дьол. Итиэннэ саас — сүөһү этэҥҥэ күөххэ үктэнэн үүт-ас дэлэйэр кэмэ. Христианскай бырааһынньыктартан сахалар, тоҕо эрэ, сааскы Ньукуолуну ордук ылыммыттар. Ньукуолун биир дьиктитэ — күөх оту үргээн киллэрэн остуол анныгар уураллар эбит. Бу кэмҥэ оннук дэлэй күөх от суох буолар, сорох дьыл хойутуур. Онон Ньукуолуҥҥа анаан быыкаа түүтэх оту уурунан кэбиһэллэр.
Дьэ, бу курдук оту тэлгээн баран чэйдииллэр — арыылаах сылаас сэлиэһинэй алаадьытын мотурҕаччы сииллэр. Итиэннэ күөллэрин, сирдэрин-дойдуларын ытыктыылларын бэлиэтэ — хайаан да аһаталлар. Дьэ, «ытык сир» диэн өйдөбүл мантан үөскүүр. Сири ытыктааһын, сиргэ, улахан эбэлэргэ сүгүрүйүү үөскүүр. Уопсайынан, саха киһитэ айылҕаны кытта ыкса ситимнээх…”.

Аныгы кэмҥэ бу күн ыал барыта кус сиир кыаҕа суох. Барыбытыгар тиийэрэ да биллибэт. «Хайаан да Ньукуолуҥҥа амсайыахтаахпыт» дии-дии, төрүү-ууһуу кэлбит көтөрдөрбүтүн аҥар кырыытыттан кыдыйарбыт сатаммат. Онон саха сиэринэн, алаадьылаах, саламааттаах да көрсүөххэ сөп.

edersaas.ru архыыбыттан.

+1
32
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
2
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: