Нумеролог билгэтэ: Гороскоп 2025 сылга тугу кэпсиирий?
Нумеролог Мариана Тимофеева 2025 сылы билгэлээтэ. Үүммүт сыл, сыыппара хараҕынан көрдөххө, тугу тосхойоруй?
Үүммүт Иэйиэхсит сылын сахалар, үчүгэйи эрэ түстээтин диэн сахалыы үөрэ-көтө көрсүөхтээхпит дии саныыбын. Баҕарбыккыт үтүө дьоҥҥо баардыы барҕардын, санаабыккыт сатаннын, туруулаһан туран туппуккут тубустун! Доруобай, дьоллоох буолуҥ, дьолуо баҕа эрэлгитинэн!
Сыыппара науката этэринэн, 2025 сыл саамай улахан, үрдүк сыыппараҕа киирэр. Ол эбэтэр 2+2+5=9 буолар. Бу улахан сыыппараны, сахалыы эттэххэ, сиппит-хоппут (совершенный) сыыппара диэхпин баҕарабын.
Сахаларга сыыппараны маннык нумерологиянан этиллэрин тылбаастыахха сөп, дьиҥинэн, бириэмэтэ да уолдьаста диэххэ сөп. Бу сыл тугу түстүүрүй диэтэххэ, быйыл, холобур, бу иннинээҕи сылларга киһи тугу оҥорон кэлбитин түмүктүүр, дьыалатын быһаарар сыла буолуохтаах. Холобурун эттэххэ, быйыл урут хас эмит сыл улахан тутууну саҕалаабыт киһи быйыл тутуутун бүтэрэр, түмүктүүр сыла буолуохтаах. Ол эбэтэр, бу саамай күүстээх, дьаһаллаах (лидерскэй хаачыстыбалаах) сыыппара сыла буолар, санаабытын хайаан да ситиһэр сыл буолар.
Аны быйылгы сыл кимиэхэ баҕарар оннук күүскэ үлэлиир буолуон сөп — ханнык эрэ түгэннэргэ. Холобур, манна кимниин эмит мөккүһэр түгэн баар буоллаҕына икки өттүттэн күүскэ киирсиэхтэрин сөп. Ол түмүгэр, биирэ кыайыа, иккиһэ хотторуо диэбит курдук. Кыайыы иккиэннэригэр бэриллибэт буоллаҕа дии. Онон бииринэн үчүгэй эрээри, иккиһинэн кутталлаах.
Онуоха өссө ханнык баҕарар киһи бэйэтигэр сыыппаралардаах, ол сыыппараларыгар быйылгы сылыгар отой атын сыыппара тахсыан сөп. Кимиэхэ эрэ күүстээх сыыппара, кимиэхэ эрэ мөлтөх сыыппара. Дьэ, итинник мөккүөрдэргэ бу сыыппаралара көмө буолуохтарын, эбэтэр, алдьатан буортулуохтарын сөп. Ол иһин ханнык баҕарар дьыалаҕа барытын суоттаан, учуоттаан билэн эрдэхтэрэ дии.
Дьиҥинэн, туох баар наука барыта суот, учуот буоллаҕа. Биир да наука сыыппарата суох табыллыбат. Сыыппара сыыспат, чуолкай наука. Ол да иһин улуу математиктар кэлин нумерологияҕа бараллара мээнэҕэ буолбатаҕа буолуо.
Онтон биһиги бары быйылгы сылга билиэхпитин баҕарарбыт элбэх бөҕө буоллаҕа дии, онон бу эппит сыыппарабынан хас биирдии бэйэҕит толкуйдаан көрүҥ. Онон быйыл элбэх кыайыы да, мөлтөөһүн да баар буолар, икки өрүттээх сыл буолуон сөп. Аны кыайыылаахха ханан эрэ атына мөлтөөн биэриэн эмиэ сөп.
Оттон мин тус бэйэҕитигэр бу күүстээх энергетиканан туһанан быйыл элбэх кыайыылары ситиһиҥ диэн сүбэлиэхпин баҕарабын, хас биирдии киһиэхэ тус олоҕор.
Аны бу политика элбэх көрүҥэр эмиэ отой тус-туспа дьайыан сөп, холобур, экономикаҕа хас да көрүҥ баар. Олорго ханна эрэ тупсуон, эбэтэр, түһүөн сөп. Оччотугар биһиэхэ хас биирдиибитигэр эмиэ тус-туспа дьайар, ким эрэ мөлтөхтөн туһаныан сөп, оруобуна сыыппаралара сөп түбэһэн, үрдээн. Холобур, онно эрдэттэн аахтаран, сөпкө туһаныахтарын да сөп.
Өссө маныаха эбии Илиҥҥи халандаар кэпсииринэн, быйыл «күөх үөн» сыла “муудараһы” биэрэр сыл, эмиэ туспа атын күүһү биэрэр күүстээх күүс тэҥинэн сыыппарабытын кытта үлэлиир.
Бу кытай гороскоба 5 улахан стихиялаах «огонь, вода, дерево, металл, земля». Бу 12 сыллаах циклынан үлэлиир халандаар эмиэ мээнэҕэ буолбатах. Быйылгы сылга Оҕустарга, Хоруолуктарга, Козаҕа, Эбисийээнэлэргэ ситиһиилэрдээх сыл буолуоҕа.
Быйылгы сыл уонна аны ыйдарбыт сыыппараларынан аахтахха, эмиэ араас сыыппаралар тахсан үлэлииллэринэн көрдөххө, сыл бастакы аҥаарыгар ыарахан кэмнэр буолуохтара, элбэх сокуоннар уларыйыахтара, ордук экономика өттүнэн, ону таһынан сыана аһара күүскэ үрдүөҕэ, этэргэ дылы, элбэх дьоҥҥо олус ыарахан кэмнэр үүнүөхтэрэ.
Кэлин сыл иккис аҥаарыттан дьон саҥа сокуоҥҥа уөрэнэн, арыый холкутуйуо, бэлиитикэ да саҥа сокуонун көрөн, ханан эрэ сымнатан, дьону арыый уоскутуо.
Онтон улахан сэриини быйылгы сылга көрүллүбэт, ол аата аан дойду үрдүнэн буолар сэриини эттэххэ. Өссө аан дойду үрдүнэн ханнык баҕарар эйгэҕэ улаханнык аатырбыттар түһэн, кыччаан хаалыахтарын эмиэ сөп. Ити сыыппара, эппитим курдук, үчүгэйгэ, куһаҕаҥҥа барытыгар күүскэ үлэлиирин курдук.
Биһиги олорор сирбитин харыстыырбытыттан инники олохпут улахан оруоллааҕын сирдээҕи дьон өйдүөх тустаахпыт. Билигин ити баһаартан тараҕайдаммыт сирдэрбитин саҥа тиит мастары олордон, күн уотуттан ирбэт тоҥмутун харыстаабат түгэммитигэр, отой сотору ханнык да билгэтэ суох, бэйэбит олохпутун бэйэбит кэрдэбит.
Оҕолорбутун дьиҥнээхтик саныыр, таптыыр буоллахпытына, биһиги ол туһунан билигин түргэнник, атыннык толкуйдуохтаахпыт, кинилэргэ тугу хаалларан эрэрбитин өйдөөн туран. Уопсайынан, дьоҥҥо, айылҕаҕа, кыылларга үтүө сыһыан сүтэр түгэнигэр айылҕа сирдээҕи дьону бэйэтэ дьүүллүөҕэ.
Оннук номнуо саҕаланна да диэххэ сөп, сирбит икки аҥы хайдан баран эрэрин билэ, көрө сылдьан туох да үөрэтии, эбэтэр ылсан үлэлэһии суоҕа хомотор. Аны ити үөһээ этэн ааспытым курдук, бу улахан сыыппара хас биирдии киһиэхэ үлэлээбэт. Ити сыыппара аан дойду балаһыанньатыгар үлэлиир, онтон хас биирдии киһиэхэ тус-туспа, отой атын сыыппаралар үлэлииллэр, ити үөһээ ахтан аһарбытым курдук.
Ол эбэтэр, киһи төрүүрүн кытта бэриллэр төрөөбүт сыыппаралара туспа атын сыыппараны биэрэр. Онон бу киһиэхэ быйыл туох буоларын туспа ааҕан биэриэххэ сөп. Холобур, эрдэ билэн туһаныан, эбэтэр, куһаҕантан куотан, ааһан биэриэн сөп. Онтон биһиги уопсай дьыалаҕа туох барыта үчүгэй түмүктээх буоларыгар баҕарабыт. Ол эбэтэр, биһиги инники төлкөбүт, олохпут, итэҕэлбит, эрэлбит.
Быйыл Карма сыла, бу иннинээҕи сылларга тугу оҥорбуккун, түмүгүн быйыл ситиһэҕин. Өскөтүн тугу да үлэлэспэтэх, саҕалаабатах буоллаххына, туох да ситиһиитэ суох карманы көрсөҕүн.
Онтон мин Сахам сирин олохтоохторугар барыларыгар үчүгэй, үтүө эрэ сыыппаралар үлэлээтиннэр диэммин алҕаатаҕым буоллун!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: