Нуораҕана «индейката» 6 киилэлээх!

Share

Бу күннэргэ буолан ааспыт уон хонуктаах дьаарбаҥкаҕа тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарар хаһаайыстыбалар киин куорат олохтоохторун эт, үүт, оҕуруот уонна сир аһынан хото күндүлээтилэр, кыһыҥҥыга хааччыйдылар.

Кэлиҥҥи сылларга түргэнник ситэр салаа — араас көтөр этэ атыыга хамаҕатык барар буолла.  Мэҥэ Хаҥалас Нуораҕанатыгар оннооҕор көтөр иитэр пиэрмэ баар буолбут эбит. Бу туһунан 6 киилэлээх индюк этин атыылыы турар Александра Иванова бу курдук кэпсээтэ:

— Түргэнник ситэр салааҕа ийэм анаан ылсан үлэлиир. Кини  дойдутугар Нуораҕанаҕа сылы эргиччи үлэлиир көтөр пиэрмэтин туттаран киллэрэн эрэр. Онон саҥа пиэрмэҕэ быйыл 500 төбө көтөрү иитиэхтээх. Ол эбэтэр 200 чоппуска уонна 50 төбө индюк кыстыаҕа. Бу күннэргэ күһүҥҥү идэһэбитин маҕаһыыннарынан тарҕатыахпыт. Дьон билбэт көтөрө буолан, индюкка улаханнык чугаһаабаттар эрээри, элбэх киһи амсайаары ылла. Амтаһыйан баран, наар «индейканы» эрэ атыылаһалларыгар эрэллээхпин. Дьиэ усулуобуйатыгар көрөн-истэн улаатыннарар буолан, бородууксуйабыт наһаа минньигэс.

Александра Иванова сиһилии маннык кэпсээтэ:

Кырдьык, түргэнник ситэр салааны сайыннарыы олоххо тэтимнээхтик киирэн, кэлиҥҥи сылларга нэһилиэктэргэ көтөрү хото иитэр буоллулар. Аны сыалай пиэрмэлэр тэнийэн эрэллэр.

What’s your Reaction?
+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хаҥалас Мохсоҕоллооҕор оскуола эбии дьиэтэ тутуллар

Хаҥалас Мохсоҕоллооҕор 450 миэстэлээх оскуола эбии дьиэтэ салгыы тутуллар. СӨ вице-премьера Дмитрий Садовников улэ хаамытын…

15 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ахсынньы 14-15 күннэригэр сылаас өрөбүл күннэр күүтэллэр

Саха сирин үгүс оройуоннарынан салгын температурата  нуорматтан ортотунан 3-тэн 10 кыраадыска тиийэ үрдүк буолара сабаҕаланар.…

22 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Госдуума ахсынньы 31 күнүн үлэлээбэт бырааһынньык күнүнэн оҥорортон аккаастанна

Бу иннинэ ЛДПР РФ Үлэ кодексыгар уларытыылары киллэрэри туруорсубута. Оччотугар ахсынньы 31 күнэ үлэлээбэт бырааһынньык…

30 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Дэриэбинэчээн” норуодунай аата көмүскэннэ!

Ахсынньы 11 күнүгэр Кэбээйи улууһун Мукучутааҕы "Дэриэбинэчээн" норуот тыйаатыра Кэбээйи нэһилиэгэр норуодунай аатын көмүскүү икки…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Бүлүүгэ дьахтар 32 киилэлээх гиирэни уонна аккумуляторы уорбут

Бүлүү оройуонугар полицияҕа олохтоох киһи дьиэтин иһиттэн маллары уорбуттарын туһунан сайабылыанньа суруйбут. Кини дьиэтиттэн 32…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Чаҕылхайдык чаҕаарар чаабы-чыыбы чабырҕах». Кимнээх кыайдылар?

 Соторутааҕыта ыытыллыбыт  «Чаҕылхайдык чаҕаарар чаабы-чыыбы чабырҕах»  норуот айымньытын өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл-куонкуруһа Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр…

2 часа ago