Нуораҕанаҕа быраас амбулаторията үлэҕэ киллэриллэрэ чугаһаата
“Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун модернизациялааһын бырагырааматынан, улуус кииннэригэр эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ сэлиэнньэлэригэр уонна бөһүөлэктэригэр саҥа биэлсэр-акушер пууннара уонна быраас амбулаториялара тутуллаллар.
Ол курдук, федеральнай бырайыак чэрчитинэн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Нуораҕана сэлиэнньэтигэр саҥа амбулатория аһылларга бэлэмнэнэр.
Эбийиэк үлэлииргэ толору бэлэм, тутуу уонна инженернэй үлэлэр түмүктэннилэр. Сэлиэнньэҕэ 424 киһи олорор. Амбулаторияҕа биэлсэр уонна акушерка үлэлиэхтэрэ.
СӨ Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева иһитиннэрэринэн, саҥа амбулатория аһыллыыта тыа сирин дьонугар мэдиссиинэ көмөтүн хаачыстыбатын уонна үлэлиир усуолуобуйаны тупсарыаҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: