Ньурба улууһун баһылыга Донецкайга киирсии буола турар сиригэр тиийэн байыастары кытары көрүстэ (ВИДЕО)

Share

Бу күннэргэ Ньурба улууһун баһылыга Алексей Иннокентьев Донецкай уобаласка кытаанах киирсии буола турар сиригэр-уотугар тиийэн, Саха сириттэн сылдьар уолаттары кытары көрүстэ. 

Кинилэри биир дойдулаахпыт Альберт Чочанов Донецк куораттан массыынанан сэрии буола турар инники кирбиитигэр илдьэ сылдьыбыт. Онно Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Сунтаар, Хаҥалас, Уус Алдан улуустарыттан төрүттээх саха уолаттарын кытары көрүстүлэр. Взводу бэйэбит уолбут Альберт Чочанов салайан кыһамньылаахтык илдьэ сылдьар эбит.
Уолаттар олус үөрбүттэр, Сахабыт сириттэн, бэл, күүстээх санаа тыына кэллэ дэспиттэр.  «Балаһыанньаны эт харахпытынан көрдүбүт. Уолаттарбыт санаалара бөҕөх.  Давид Архан манна алгыс оҥордо. Төһө кыайарбытынан илдьэ кэлбит малларбытыгар олус үөрдүлэр. Күндү кэргэттэрэ, ийэлэрэ, эбэлэрэ сылаас илиилэринэн бигээн, дууһаларын ууран туран тикпит малларыттан дойдубут сылаас тыына биллэр диэн эттилэр» — диэн Алексей Иннокентьев  иһитиннэрдэ.

Салгыы Ньурба улууһун баһылыга Алексей Иннокентьев этиитин истиҥ (видео-устуу)

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago