Ньурба быыһааччылара икки балыксыкка көмөлөстүлэр
Ньурба улууһугар быыһааччылар икки балыксыты эвакуациялаатылар. Бу туһунан СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрэр.
Олунньу 7 күнүгэр СӨ Быыһыыр сулууспатын Ньурбатааҕы көрдүүр-быыһыыр этэрээтигэр Чаппанда нэһилиэгэр «Кутту» диэн сиргэ (Ньурба куораттан 20 км сиргэ) суһал көмөҕө наадыйар икки киһи баарын туһунан иһитиннэрии киирбит. Олортон биирдэстэригэр олус наадалаах эмэ (инсулин) бүппүт эбит. Быыһааччылар суһал иһитиннэрии киирээтин кытта Ньурбаттан «Буран» снегоходунан айаннаабыттар. Эр дьон үс күн анараа өттүгэр балыктыы барбыттар. Эмсэҕэлээччилэр кэпсээбиттэринэн, кинилэри табаарыстара кэлэн ылыахтаах эбиттэр да, тиэхиньикэлэрэ алдьанан кыайан кэлбэтэхтэр. Дьолго, суотабай сибээс үлэлиир буолан, көмөҕө быыһааччылары ыҥырбыттар.
СӨ Быыһыыр сулууспата олохтоохтортон ыраах айанныы барар буоллаххытына, сылаас таҥаскытын, сибээс тэрилин, ас-үөл саппааһын, наадалаах эми-тому илдьэ бараргытыгар сүбэлиир. Итиэннэ ханнык сиргэ бараргытын уонна хаһан кэлиэхтээххитин чугас дьоҥҥутугар сэрэтэр буолуҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: