Ньурба Дьиикимдэтигэр — «Таптал муостата»

Бүгүн Ньурба улууһугар Дьиикимдэ нэһилиэгэр олохтоохтор бэйэлэрин күүстэринэн тутан олоххо киллэрбит «Таптал муостата» үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна.
Бу туһунан улуус баһылыга Алексей Иннокентьев бэйэтин телеграм-ханаалыгар үллэһиннэ:
“Улууска суох бырайыак олоххо киирдэ. Элбэх идиэйэлээх, эрчимнээх салайааччы Прокопий Николаевич Осипов салалтатынан Дьиикимдэ нэһилиэгин олохтоохторо көхтөөх үлэлэрин бэлиэтиибин уонна барҕа махталбын тиэрдэбин. Былырыын улуус баһылыгын грантовай бырайыактары өйүүр куонкуруска кыайан, итиннэ көрүллүбүт үбүнэн бэртээхэй ис хоһоонноох уонна тупсаҕай көрүҥнээх эбийиэги тутан киллэрдилэр.
Махтал суруктары манна үлэлэспит нэһилиэк олохтоохторугар туттардым. Үөрүүлээх тэрээһин чэрчитинэн 50 сыл устата иллээхтик-эйэлээхтик, дьоллоохтук олорон кэлбит кэргэнниилэр, Таркаайы нэһилиэктэрин олохтоохторо Василий Петрович уонна Клавдия Григорьевна Васильевтары чиэстээтибит. Үйэлээх тапталы уруйдуур, дьиэ кэргэни өрө тутар ис хоһоонноох «Таптал муостата» дьон сөбүлээн мустар кэрэ-бэлиэ, ытык миэстэтэ буолан, дьону-сэргэни мэлдьи үөрдэ турдун!”
Сиһилии билсэр сигэ: https://t.me/glavanyurbainnokentev/5971?single
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: