Салгыы
Ньурба Хаҥалаһын ийэлэрэ байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыттарга анаан таҥас тигэллэр

Ньурба Хаҥалаһын ийэлэрэ байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыттарга анаан таҥас тигэллэр

Ааптар:
21.10.2022, 10:45
Бөлөххө киир:

Дойдубутугар буола турар билиҥҥи уустук балаһыанньа хас биирдиибитин долгутар. Өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар быстах байыаннай хомуурга ыҥырыллан барбыт эр дьоҥҥо, уолаттарга эминэн, таҥаһынан көмөнү оҥоруу салҕанар.

Алтынньы 19 күнүгэр Ньурба улууһун Хаҥалас нэһилиэгин ийэлэрэ бары биир санаанан салайтаран, быстах байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыт дьонноругар, биир дойдулаахтарыгар анаан, сылгы сиэлэ истээх угунньа уонна төбөҕө кэтэр (балаклава) бэргэһэ тигэн бэлэмнээтилэр.

Бу тэрээһини “Алгыс” нэһилиэк дьахталларын түмсүүтэ көҕүлээн ыытта. Түмсүү салайааччыта РФ уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ Антонова Елизавета Петровна, уопсастыбаннай тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар Васильева А.П, “Тойук” уус-уран салайааччыта Винокурова В.Ю. бу волонтерскай хамсааһыны ийэлэргэ тэрийэр сыаллаах, Ньурбаҕа култуура департаменыгар үлэлиир Трофимова Наталия Федотовнаҕа сылгы сиэллээх киирэн, маастар-кылааска сылдьан тахсыбыттара.
Нэһилиэк дьахталларын түмсүүтүн уһуннук салайбыт Елизавета Петровна санаатын маннык үллэстэр:

«Алтынньы 18 күнүгэр үһүө буолан култуура департаменыгар Наталия Федотовнаҕа киирэн маастар-кылаас ылан таҕыстыбыт. Кини соҕотоҕун иистэнэ олорор эбит. Ол быыһыгар, Дьааҥыттан төрүттээх, түргэн туттуулаах эбээ киирэн эмиэ көрдөрдө. Эдьиийим Клавдия Петровна эмиэ кэлсэн, көрөн-истэн матырыйаал ылан, бу күннэргэ тигиитин саҕалаабыт. Салгыы Ньурба куорат дьахталларын түмсүүтүгэр сылдьан, патриот Галина Дмитриевна Федороваттан балаклава тигэргэ флис материалын бэриһиннэрдибит. Кинилэр төрдүө буолан үлэлии олороллор эбит. Үрүссээк толору таҥас тикпиттэр, туох суоҕуй диэбит курдук. Сиэпкэ укта сылдьалларыгар алгыс тылларын оҥотторуохпун баҕарабын диэтэ.

«Огни Нюрбы» хаһыат матырыйаалыттан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: