Ньурба олохтооҕо икки киһи тыыныгар туран сууттаныа

Share

Саха Өрөспүүбүлүкэтин борокуратуурата Ньурба оройуонун олохтооҕун холуобунай дьыалаҕа буруйдуур түмүктэрин бигэргэттэ. Кини РФ Холуобунай кодексын 105 ыстатыйатын 2 чааһын «а» пуунунан уонна 116.1ыстатыйатын 2 чааһынан буруйданна.

Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр.

Сэлиэстийэ быһаарбытынан, 2022 с. сэтинньи ыйыгар буруйданааччы Ньурба куоратын биир дьиэтигэр олорон, итирэн баран аймаҕын кырбаабыт. Салгыы эмиэ бу ыйга 2022 с. итирик сылдьан, аймаҕа киһи гражданскай ойоҕун кытары кыбартыыраларыттан үүрбүттэрин уонна кинилэри кытары бииргэ олорору боппуттарын иһин, өлөрөргө соруммут.

Буруйданааччы аймаҕын олоппоһунан охсубут, эмсэҕэллээччи охтон истэҕинэ быһаҕы ылан 10-н кырата суохта охсуталаабыт. Ол кэннэ бу быһаҕынан дьахтары түөһүнэн түөртэ охсубут. Быһылаан түмүгэр, эмсэҕэлээччилэр ыарахан эт-хаан эчэйиитин ыланнар тута өлбүттэр.

Буруйдааһын түмүгэ бигэргэтиллибитин кэннэ холуобунай дьыаланы Саха Өрөспүүбүлүкэтин борокуратуурата өрөспүүбүлүкэ Үрдүкү Суутугар ыытта.

Буруйданааччы Ньурба улууһун 47 саастаах хаста даҕаны сууттана сылдьыбыт олохтоооҕо РФ Холуобунай кодексын икки ыстатыйатынан буруйданар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago