Салгыы
Ньурба оройуонугар агит-биригээдэ тэриллэн үлэтин саҕалаата

Ньурба оройуонугар агит-биригээдэ тэриллэн үлэтин саҕалаата

31.07.2023, 18:00
Хаартыска: култуура департамена
Бөлөххө киир:

Саха киһитэ барахсан төрөөбүт дойдубут кылгас сайынын мүччү тутумаары, тыйыс тымныылаах кыстыгар бэлэмнэнэн, өҥүрүк куйааһы аахсыбакка, «биир күн дьылы аһатар» диэн санаанан салайтаран, от-мас, сүөһү-сылгы, сир аһын, оҕуруот, тутуу, өрөмүөн үлэтин барытын үмүрүтэр түбүгэр умса түһэр.

Урукку кэмнэргэ култуура үлэһиттэрэ агит-биригээдэлэри тэрийэн, сайылыктары кэрийэн, күүстээх үлэҕэ сылдьар дьоммутун сэргэхситэр, сонун-нуомас тириэрдэр, ыллаан-туойан дьонун-сэргэтин үөрдэр үтүө үгэстээхтэрэ. Ол үгэһи сөргүтэн, от ыйын 29 күнүгэр оройуоммут култууратын талба талааннаахтара Күндээдэ нэһилиэгин үс сайылыгар сэргэх сэһэннээх, ырыа-тойук бэлэхтээх, күүтүүлээх күндү ыалдьыт буоллулар.

Агит-биригээдэни «Ньурба оройуона» муниципальнай оройуон баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Наталья Семеновна Петрова уонна Ньурба улууһун  култуураҕа департаменын салайааччытын солбуйааччы Илья Николаевич Николаев салайан илдьэ сырыттылар.

Биригээдэҕэ ырыа ымыылаах, тойук туоналаах биир идэлээхтэрбит  Таркаайы нэһилиэгин А.А. Моргусов аатынан «Талба» норуот айымньытын дьиэтин үлэһитэ Татьяна Васильева, Түмүк нэһилиэгин «Алгыс» норуот айымньытын киинин үлэһитэ Мария Оппудонова кыыһа Камелия Яковлевалыын, Октябрьскай нэһилиэк А.Я. Овчинникова аатынан «Түһүлгэ» норуот айымньытын дьиэтин үлэһитэ Анатолий Захаров уонна Күндээдэ нэһилиэгиттэн Алена Иппатьева, С.Н.Эверстова аатынан «Туску» норуот айымньытын дьиэтин үлэһитэ Элла Семенова, сыыдам сырыылаах култуура департаменын суоппара Анатолий Петров кыттыыны ыллылар.

Сарсыардаттан айаннаан маҥнай Араҥастаах сайылыгар тиийэн, үлэһиттэри көрсөн, ирэ-хоро кэпсэтэн, кэнсиэр көрдөрдүлэр. Салгыы итинник көрсүһүүнү Кириэс сайылыгар ыыттылар. Манна кэнсиэр кэмигэр ынахтар эмиэ ыам кэннэ мэччийэ баран иһэн, кулгаах-харах чөрөтөн, ырыа-тойук истэн сэҥээрэн турдулар диэн үөрэ-көтө сонуннарын үллэһиннилэр. Салгыы Үрүҥ дьиэ сайылыгар эмиэ олус истиҥ көрсүһүү буолан ааста.

Бу курдук,  биир сайыҥҥы күн дьоҥҥо үөрүүнү, сырдыгы бэлэхтээтэ, билиҥҥи дьалхааннаах олоххо дьону түмэр, биир санааҕа сирдиир сыаллаах үтүө күн үөскээтэ.

Аныгыскы нэдиэлэҕэ агит-биригээдэ, былаан быһыытынан, Марха куустатын сайылыктарын кэрийиэ, элбэх биир дойдулаахпытын сэргэхситиэ, күүстээх үлэҕэ сылдьар дьоммутугар күүстэригэр күүс, сэниэлэригэр сэниэ эбиэ.

Ньурба улууһун  култуураҕа департаменын сырдатар-иһитиннэрэр салаата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 ноября
  • -18°C
  • Ощущается: -18°Влажность: 78% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: